03.11.2026 | 17:30 | Просмотров: 130

Саха бастыҥ аһын – эти буһарыы туһунан

Саха этэ суох сатаммат омук. Мииннээн, ыһаарылаан, хатаран сиири таһынан сылгы, сүрүннээн, убаһа этин тоҥнуу астына сиибит.
Саха бастыҥ аһын – эти буһарыы туһунан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тымныы усулуобуйалаах сиргэ олорор дьоҥҥо эт олус наада. Оттон эти, туох этэ, ханнык чааһа буоларыттан тутулуктанан, быраабыла быһыытынан, туох баар битэмиинэ, туһата хааларын курдук, төһө өр буһарылларын билэбит дуу? Санатыһыаҕыҥ.

Куурусса көп этин (филе) – 20-25 мүнүүтэ.

Куурусса өттүгүн (бедро) – 30-35 мүнүүтэ.

Индюк этин – 25-30 мүнүүтэ.

Ынах этин – 60-90 мүнүүтэ (1–1,5 чаас).

Сибиинньэ этин– 40-50 мүнүүтэ.

Улахан сылгы, байтаһын этин,  – 1,5 –2 чаас. 

Убаһа этин (ордук ойоҕоһу, уҥуохтаах эбэтэр сыалаах чааһын) ууга оргутан буһарар буоллахха, уу оргуйбутун кэннэ 10 мүнүүтэ курдук эрэ (улахан куһуогу 10-15 мүнүүтэ)  мөлтөх уокка буһарар ордук.

Убаһа этэ олус сибиэһэй, сымнаҕас буолан, өр буһардахха, төттөрүтүн кытаатан уонна сүмэһинин, минньигэс амтанын сүтэрэр. Дьиҥинэн, сүүлүҥүйдүү буһарар ордук.

*Эт буспутун бэрэбиэркэлииргэ биилкэнэн дьөлө анньан көрөҕүн. Оччоҕуна ыраас, дьэҥкир сүмэһиннээх буоллаҕына, буспут. Хааннаах уу тахсыа суохтаах. Бу – биллэн турар сүүлүҥүйдүү буһарыы туһунан этиллибэт.

 

Хартаны – 2 чаастан кырата суох кэмҥэ буһарар ордук. Улахан сылгы киэнин 2,5 ч буһараллар.

Эриллибит эти – 15-20 мүнүүтэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.