24.02.2026 | 14:06 | Просмотров: 148

Саха артыыстара – Арассыыйа киинэлэригэр

Олунньу 26 күнүгэр дойду үрдүнэн «Малыш» (реж. Андрей Симонов) уонна «Цинга» (реж. Владимир Головнев) диэн саҥа киинэлэр сүрэхтэниэхтэрэ. Манна саха артыыстарын көрүөхпүт.
Саха артыыстара – Арассыыйа киинэлэригэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырын социальнай ситимиттэн
Бөлөххө киир

Бастакы киинэҕэ Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, Алампа бириэмийэ лауреата, «Киин куорат» хаһыат ыалдьыта Гаврил Менкяров «Боец Саха» диэн позывнойдаах анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын оонньуур.

Иккис киинэҕэ Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Герасим Васильевы уонна СӨ Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырын артыыһа Георгий Бессоновы көрүөхпүт. Георгий ненец, табаһыт ыал аҕа баһылыгын оруолун толорор. Маны таһынан, бу бырайыакка Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын иһинэн үлэлиир  «Тускул» оҕо устуудьуйатын (салайааччы Вера Ефремова) иитиллээччитэ Тимур Романов кыттыбыт.

 

Хаартыскаларга: Георгий Бессонов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.