Сааттаах рейтиҥҥэ ким киирдэ?
2025 сыл бастакы сааттаах рейтинигэр ДЭК 16 УК уонна ТСЖ «сирэйин сарылаата». Кинилэр уопсай иэстэрэ – 61,4 мөл. солк.
Сааттаах испииһэги баара эрэ 4 элбэх кыбартыыралаах дьиэни сатаан салайбакка 26,6 мөл. солк., ол иһигэр аҥаардас тохсунньу ыйга 626 тыһ. солк. иэһи мунньубут «УК Гарант Плюс» ХЭТ баһылаан-көһүлээн иһэр.
Иккис «бочуоттаах» миэстэҕэ 12,4 мөл. солк. иэстээх «Ярославское» ХЭТ турар, үһүс – 9 мөл. солк. иэстээх «Восхождение» УК.
«УК АРТ Плюс» иэһэ – 5,6 мөл.солк., ЖЭУ «Центральное» ХЭТ – 2,4 мөл.солк., ЖСК «Автодорожная 19» (1,4 мөл.солк.). Сиһилии испииһэги ДЭК сайтыгар. билсиэххэ сөп.
Бу иэс үгүс өттүгэр нэһилиэнньэ киэнэ буолбатах. Ол курдук, УКлар уонна ТСЖлар олохтоохтортон өҥөнөн туһаныы иһин харчыны толору уонна кэмигэр хомуйан баран... өҥөнү тиэрдээччигэ тиксэрбэттэрэ баар суол.
Ол курдук, Якутскэнергосбыт 2022-2024 сс. Өрөспүүбүлүкэ прокуратуратыгар түһэрбит үҥсүүлэрин түмүгүнэн 190 дьыала көбүтүллэн, 104,4 мөл. солк. кээмэйдээх ыстараап анаммыта, диэн иһитиннэрэр «ДЭК» «Якутскэнергосбыт» ПАУо.