Саахымат хонуута бастыҥтан бастыҥнары түмэр
Күрэхтэһии Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Арассыыйа спорда» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.

Тэрийээччилэр турнирга өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан иккис разрядыттан намыһаҕа суох спортивнай разрядтаах 40-тан тахса күүстээх саахыматчыт күөн көрсөрүн бэлиэтииллэр. Ыччат көхтөөхтүк кыттара ордук үөрүүлээх. Бу тренердэр үчүгэйдик үлэлииллэрин уонна Саха сиригэр саахымат киэҥ сэҥээриини ыларын туоһулуур.
Саха сирин саахымакка чөмпүйэнээтэ швейцарскай систиэмэнэн 9 туурдаах ыытыллыаҕа. Үс бастыҥ саахыматчыт Саха сирин 84-с чөмпүйэнээтин Үрдүкү лигатыгар кыттар быраабы ылыаҕа. Кыайыылаахтар мэтээллэринэн, I, II уонна III истиэпэннээх дипломнарынан уонна бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Маны сэргэ анал бириистэр олохтоннулар: 70 сааһыгар диэри уонна 70 сааһыттан үөһэ бэтэрээн эр дьоҥҥо уонна дьахталларга, уолаттарга уонна кыргыттарга.
Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениета иһитиннэрбитинэн, Үрдүкү лига кыайыылаахтарын ахсааныттан Саха сирин саахымакка сүүмэрдэммит хамаандата бигэргэтиллэн, салгыы норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыаҕа.