23.12.2025 | 10:02 | Просмотров: 122

Саҥа уу турбата уонна носуос станцията «Звёзднайга» холбонно

Саҥа уу турбата уонна носуос станцията «Звёзднайга» холбонно
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: yakutskcity.ru
Бөлөххө киир

«Звезднай» түөлбэ олохтоохторун ахсынньы 21 күнүгэр саҥа уу турбата холбоммутунан уонна носуос станцията арыллыбытынан Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Түөлбэ олохтоохторун үөрүүлээх түгэнинэн маны сэргэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин Бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева, ОДьКХ уонна энергетикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов, тутуу миниистирэ Виктор Романов, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын баһылыга Евгений Григорьев уонна «Водоканал» АУо салайааччыта Анатолий Кырджагасов эҕэрдэлээтилэр.

Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, эбийиэги «Водоканал» тэрилтэ туораттан көмөтө суох бэйэтин күүһүнэн олоххо киллэрбит. Биир кэрэхсэбиллээҕинэн, ыстаансыйа үлэҕэ киириитэ нэһилиэнньэ уунан туһаныыга ороскуотун намтатыахтаах. Маны таһынан, «Звёзднай» олохтоохторун сэргэ куорат соҕуруу эҥэригэр тутууну ыытарга тирэх буолар аналлаах. Чуолаан, сууккаҕа 24 тыһ. куб/м кыамталаах эбийиэк 10 тыһыынчаттан тахса туһанааччыны уунан хааччыйыаҕа.

Санатан эттэххэ, бырайыак дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр нацбырайыактар иилэринэн олоххо киирдэ, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.