29.10.2026 | 09:52 | Просмотров: 125

Саҥа массыынаны ылыннахха

Госавтоинспекция управлениета иһитиннэрэр
Саҥа массыынаны ылыннахха
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Массыынаны атыыласпыт киһи тимир көлөтүн судаарыстыбаннай учуокка туруорарыгар 10 хонук бэриллэр.

Бу быраабыла салонтан саҥа ылыллыбыт, сүүрэ сылдьыбыт да, ону тэҥэ тас дойдуттан киирбит массыыналарга барытыгар сыһыаннаах.

Ити этиллэр 10 күн атыылаһыы-тутуу дуогабарыгар эбэтэр бас билии бырааба көспүтүн туоһулуур докумуоҥҥа ыйыллыбыт күнүттэн саҕалаан ааҕыллар.

Учуокка туруоруу суолга сокуоннайдык айанныыр эрэ туһугар буолбакка, икки сүрүн суолталаах: Уоруллубут массыынаны буларга көмөлөһөр: сибидиэнньэлэр реестиргэ киирдэхтэринэ, массыынаны камераларынан кэтиир уонна кэнэҕэски регистрацияҕа VIN-номеринан билэр кыах улаатар.

Куттал суох буолуутун хааччыйар: учуокка туруорар кэмҥэ туттуллубут массыыналары собуот стандартарыгар төһө сөп түбэһэрин бэрэбиэркэлииллэр. Массыынаны Госавтоинспекция регистрациянан дьарыктанар салаатыгар (МРЭО) оформлыахха сөп. Бириэмэни халтай бараабат уонна табыгастаах гынарга сайабылыанньаны эрдэ «Госуслуги» портал нөҥүө ыытар ордук табыгастаах. Уочаракка турбакка, анаммыт кэмҥэ кэлэҕит.

✅Бу манна этиллэр быраабыланы кэһии иһин маннык миэрэлэр бааллар: Өскөтүн регистрацияланыахтаах кэми аһардан баран массыынанан айаннаабат буоллахха — РФ КоАП 19.22 ыст. олоҕуран 500–2 000 солк. ыстараап төлүүгүт.

Учуокка турбатах массыына уруулугар олордоххо — РФ КоАП 12.1 ыст. ыстараап кээмэйэ — 500–800 солк.❗Иккистээн түбэстэххэ — 5 000 солк. эбэтэр 1–3 ыйга массыынаны ыытар быраап быһыллар.

Онон саҥа массыынаҕытын учуокка хойутааһына суох кэмигэр туруортарыҥ диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ИДьМ Госавтоинспекциятын управлениета санатар. 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.