Саҥа кол-кииҥҥэ нэһилиэнньэ сүрүннээн тугу үҥсэр эбитий?
Куорат олохтоохторо сүрүннээн подъезтар, тиэргэннэр санитарнай туруктара мөлтөҕүн үҥсэллэр, бытархай өрөмүөн үлэтин туруорсаллар.
Сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо хонтуруоллуур-кэтээн көрөр үлэни ыытары туруорсаллар. Чуолаан, кыбартыыралар тымныыларын, ОДьКХ өҥөтүнэн туһаныы төлөбүрүн кээмэйин бэрэбиэркэлэтиэхтэрин баҕараллар.
Оттон УК уонна ТСЖ салайааччылара нэһилиэнньэттэн иэһи хомуйуу ыараханнык барарын, саҥа дьиэлэргэ көһөн киирээччилэр өттүлэриттэн уопсай баайга-дуолга харыстабыла суох сыһыан баарын бэлиэтииллэр.
Манан сибээстээн, арааһа, «Элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтооҕун Кодексата” диэн саҥа докумуон чугастааҕы кэмҥэ оҥоһуллар чинчилээх.
Санатар буоллахха, 300-888 кол-киин тохсунньу 19 күнүттэн үлэлиир. Бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 09-00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри эрийиэххэ сөп.