Саҥа көлүөнэ аналгетигы айан-тутан таһаарбыттар. Ол эрээри...
Ол –Новосибирскай куорат Н.Н. Ворожцов аатынан органическай химияҕа институтун учуонайдарын үлэлэрин үтүө түмүгэ буолар. Ол туһунан “Наука в Сибири” РАН СО официальнай таһаарыыта сырдатар.
"Саҥа көрүҥ анальгетигы, холобур, бэс скипидарыттан бэлэмниэххэ сөп. Эмп препараттарыгар анаан тирэх молекулалары көрдүүрбүтүгэр хаһан баҕарар биһиги бэйэбит айылҕабытыгар баары сыныйан көрөбүт. Кээмэйин, төһө көстүмтүөтүн уонна ол төһө сыанаҕа туруоҕун болҕомтоҕо ылабыт " – диэн туран, эми оҥорон таһаарааччылар, бу ньыма судургутун, экологичнайын уонна уустук химическай тупсарыыны ирдээбэтин бэлиэтээбиттэр.
Саҥа анальгетигы оҥороллоругар биир туһааннаах түһүмэҕэр үүнээйи эфирнэй арыытыттан ылыллар изопулегол диэн бэссэстибэни кытта синтезтииллэр. Ону таһынан К10 диэн кэмиэрчэскэй туойу катализатор быһыытынан туһанан, тиофенкарбальдегиды кытта органическай холбооһуну туһаналлар, онтулара химик-технолог ыра санаатыгар тэҥнээх үһү.
“Үлүгэр элбэх сорбены, суурадаһыны олус уустук установка көмөтүнэн туһана сатаабакка баара эрэ биир түһүмэх түмүгэр кыаллар. Оҥорон таһаарыыта судургу. Маннык эриэккэскэ буолар” – дииллэр эбит учуонайдар. Ити гынан баран, дьон эмтэнэригэр анаан оҥорорго дьулуһар эмтэрин ырыынакка тиэрдии сыаната, кыылларга уонна клиникаҕа боруобалаан көрүү түһүмэҕин ааҕан туран... 1 млрд солк тэҥнэһэр үһү!
Изопулегол төрүтүгэр бэлэмнэнэн анальгетик чинчийии көрдөрбүтүнэн, кыылларга туох да буортута суох, дьайыыта көдьүүстээх. Мантан салгыы атын түһүмэхтэргэ тахсарга суоттаналларын эппиттэр. Онон ол эмп эмтиэкэ долбууругар турара, арааһа, уһун кэм иһигэр кыаллара буолуо.