28.10.2026 | 09:30 | Просмотров: 80

Саҥа дьыллааҕы автоколоннаҕа кыттыс

Кыайыылаахха - 50 000 солк. бириис туруордулар.
Саҥа дьыллааҕы автоколоннаҕа кыттыс
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы автоколонна параадыгар кыттыан баҕалаахтартан сайаапкалары тутуу саҕаланна.

Тэрээһин сыллата ыытыллар “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар. Кыттааччылар хайаан да олохтоох оҥорон таһарааччылар буолуохтаахтар.

Автоколоннаҕа таһаҕас тиэйэр тырааныспар – 3 туоннаҕа диэри грузовиктар, авто-будкалар, фургоннар эрэ кытталлар.

Сайаапкалары тутуу сэтинньи 26 күнүгэр диэри ыытыллар.

Электроннай почтаҕа: opt.yakutsk@mail.ru.

Сайаапкаҕа тэрилтэ аатын (ИП/ХЭТ), эппиэтинэстээх киһи аатын, төлөпүөнүн, массыына мааркатын, нүөмэрин ыйаҕыт.

Саҥа дьыл тиэмэтигэр саамай сиэдэрэйдик киэргэммит массыына 50 000 солк. наҕараадаланыаҕа.

Автоколлонна параада ахсынньы 1 күнүгэр буолар. Массыыналар 16:30 чаастан Орджоникидзе болуоссатыттан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри айанныыллар.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.