22.10.2026 | 15:25 | Просмотров: 93

Сүрүн сонун: Дьокуускай бириэмийэҕэ тигистэ!

Өрөспүүбүлүкэ киин куората – Кытай бастыҥ партнердарыттан биирдэстэрэ.
Сүрүн сонун: Дьокуускай бириэмийэҕэ тигистэ!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Дмитрий Садовников МАКС ханаалыттан
Бөлөххө киир

Бу туһунан Сиань куораттан Дьокуускай аҕа баһылыга Дмитрий Садовников тус ханаалыгар иһитиннэрдэ. Онно 62 дойдуттан 147 куорат баһылыктарын түмпүт бырааттыы куораттар улахан кэмпириэнсийэлэрэ буола турар.  

«Сүрүн сонун: Дьокуускай «Кытайга доҕордуу куораттар ортолоругар бастыҥ партнер» бириэмийэҕэ тигистэ! Биһиги бу чиэһи Владивосток, Пенза, Минскэй, Гамбург, Пусан, Мельбурн уонна да атын улахан куораттары кытта үллэһиннибит. Бу – үрдүк билинии»,  – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ Дмитрий Садовников.

Кини инникитин инфраструктураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ уонна култуураҕа бииргэ үлэлэһэр бырайыактартан элбэҕи эрэнэ күүтэрин, онтон бастыҥ уопуту сомсор уонна үллэстэр санаалаахтарын иһитиннэрдэ.  

1 / 4

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.