Сөпкө аһыыбыт
Үүт ас
Үүт – утуйуох иннинэ иһэр үчүгэй (эти-сиини уоскулаҥҥа тиэрдэн, утуйарга көмөлөһөр).
Иэдьэгэй – киэһэ сиир ордук (ыйааһын түһэриэн баҕарар дьон киэһээҥҥи аһылыгы солбуйуохтарын сөп).
Йогурт – аһылык кэнниттэн эбэтэр хааһыны кытта сиир үчүгэй (куртахха сымнаҕастык киирэр).
Сыр – киэһэ уонна утуйуох иннинэ сиэниллибэт, ууну уйгуурдар, ону ааһан уотар. Оттон сарсыарда сиэтэххэ, ис үллэр диэн кыһалҕаны билимиэххэ сөп.
Фрукта
Банан – кураанах куртахха сиэниллибэт. Онон сарсыардааҥҥы аһылык кэнниттэн сииргэ барсар.
Дьаабылака – сарсыарда сиир ордук. Куртах ас буһарар үлэтин саҕалыылырыгар көмөлөһөр, оттон хаҕын састаабыгар баар пектин күнүс буһарыллар.
Цитрус – кураанах куртахха сиэниллибэт (куртаҕы хаарыйыан, гастрикка тиэрдиэн сөп). Онон күнүстүүр аһылыкка сиир ордук.
Гарнир
Рис – эбиэккэ барсар, киэһэ сиэтэххэ, куртахха уһуннук буһар, уонна уойууга тиэрдэр).
Овсянка – сарсыарда сиир туһалаах (бытаан углевод күнү быһа сэниэлээх сылдьарга көмөлөһөр).
Мохоруон – эбиэккэ ордук барсар ас. Мохоруон барыта уотар ас диэн сыыһа өйдөбүл. Сөптөөх суорду эти кытта буолбакка, оҕуруот аһын кытта сиэтэххэ, уойбат эбиккин.
Гречка – эмиэ эбиэккэ барсар.
Минньигэс
Эриэхэ – сарсыарда эбэтэр эбиэт иннигэр сиэххэ сөп (киэһэ куртахха ыараханнык дьайар, ыйааһын даҕаны эбиэн сөп).
Хара сакалаат – күнүс сиир ордук, сэниэ биэрэр. Киэһэ сиэтэххэ, утуйар ууну уйгуурдар.
Саахар – дьон үксэ минньигэһи киэһэ сиир үгэстээх. Ол эрээри сөпкө аһааһын быраабыларытынан минньигэһи күн бастакы аҥаарыгар сиир сөп. Саахар киһини уһугуннарар, оттон калорийдар күн устата энергия буолан тахсаллар.
Оҕуруот аһа
Хортуоппуй – атын оҕуруот аһыттан ордук калорийдааҕынан күн бастакы аҥаарыгар сиир ордук.
Кабачок – киэһээҥҥи аһылыкка барсар. Клетчатканан баай буолан, аччыктыыр туһунан санааны киэр кыйдыыр. Ону ааһын ииктэтэр буолан, сарсыарда дарбайан турартан быыһыыр.
Помидор – щавелевай кислотанан баай, онон киэһэ сииргэ барсыбат. Эбиэккэ сииргэ кыһаллыҥ.
Эт – куртахха 5 чаастан ордук буһарыран эбиэккэ сиир ордук.
Балык – хаһан баҕар сиэххэ сөп.
Сымыыт – сарсыарда сиир үчүгэй.