С... баара быраабын кимнээҕэр билэр!
Новости РИА бу суруйуутун аахпыт эрэ киһи итинник санааҕа кэлэрэ буолуо. Уон ордугуна биир киһи сырдык тыыныгар туран, үллэр үйэтин тухары күлүүс хаайыытыгар ууруллубут, ыар буруйдаах Сайфаев хааһына хааһытын мээнэ сиэбэт, сиргидэх баара, быраабын туруорса сытар. Ону ааһан, материальнай хоромньу иһин диэн, судаарыстыба тэрилтэтиттэн харчы эбинэр.
Бу киһийдэх миэхэ кэлэр “заказной” суруктарбын Арассыыйа Почтата хойутатан, санаам түстэ, ончу өйөбүлэ суох курдук өйдөбүллэнним, кэлэйдим диэн, суукка үҥсүбүт. Кини билигин Перьм “Белый лебедь” диэн холуонньатыгар сытар. Күнүн-дьылын суруксуттуурга ыытар.
Ол курдук, ити үҥсүүтүнэн, үс суут буолан, атын туһаҕа, дьыалаҕа барыахтаах кэм-кэрдии бараммыт. Түмүгэр суут кини туһатыгар Арассыыйа Почтата кэлиэхтээх суругу хойутаппытын иһин, уопсайа 7 тыһ. солк. киниэхэ төлүүрүгэр уураахтаабыт. Бээ, тохтоо, суут өссө кыччаппыт суумата итиччэ буолбут. Сайфаев олох да почта киниэхэ 24,5 тыһыынчаны төлүөхтээҕин туруорсубут!
Ити иннинэ өлөрүөхсүт почта эпэрээтэриттэн Москубаттан ыытыллыбыт суругу хойутаппытын иһин, онто да суох 3 тыһ. солк. төлөппүт эбит.
Таһаарыы Тельман Сайфаев, 1990-с сылларга Москубаҕа уонна Подмосковьеҕа хас да, бүтүн сиэрийэ өлөрүү иһин сууттаммытын санатар. Эбиитин э... тэп диэбит курдук, бу баҕайыҥ былырыын бэйэтэ сытар “Белый лебедь” холуонньатын эмиэ суукка биэрбиттээх эбит. Төрүөтэ, кини санаатыгар, стоматолог кини тииһин эмтии соруммакка, тууран бырахпыта буруй үһү! Били, сыаналаах сонотуоруйга харчы төлөөн тиийэн баран, өҥө хаачыстыбатытыттан астымматах киһиэхэ дылы. Оннукка да түбэспит киһи сууттаһа сатыыра сэдэх ини. Ону баҕас суут ылымматах.
Өлөрүөхсүт хааһына үбүгэр босхо аһыы-таҥна сытан, сууту-сокуону сыныйан үөрэтэн, билэн буолуо, атын тугу гынара баарай, быраабын көмүскэнэ сыттаҕа.
Тельман Сайфаев Москуба 90-с сс “хара риелтордарын” Николай Курдин салайааччылаах бөлөҕүн көхтөөх кыттааччыта. Бу бөлөх кыбартыыралаах биэнсийэлээхтэри уонна соҕотох олорор дьону булан, кэтээн-манаан сылдьан, кинилэри суох оҥорон баран, дьиэлэрин апчарыйар ыар буруйдааҕа дакаастаммыт.
Баҕайы, дьиҥинэн, 1996 сыллаахха өлөрүллэргэ уураахтаммыт эбит. Ону баара, ону үйэтин тухары хаайыыга сытыарарга уларыппыттар.
Соликамскайга сытан иистэнэр сыахха үлэлиир үһү. Онтугар эмиэ си-дьүгээр үлэлээн, “батан” да бэрт, быйыл алтынньы ыйга аны... ФСИНы үҥсүбүт. “Хамнаспыт олус кыра, үлэлиир усулуобуйабыт мөлтөх” диэн онтун матыыптыыр эбит. Бээ, онтугар 270 тыһ. солкуобайы төлөтөргө туруорсубут. Кирпииччэ сирэй...
Дьон сэттэ көлөһүнүн тоҕон, үлэлээн төлөһөр нолуога бу курдук киһийдэхтэри харайарга, аһатан-таҥаннаран олорорго барара кыһыылаах курдук. Саатар сүгүн да сыппат эбит.