Өртөөһүн сокуонунан бобуулаах
Сыллата сааскы хаар ууллуута, халдьаайы хараарыыта, саха дьоно, урукку үөрүйэхпитинэн, өртөөһүнү ыытар үгэстээхпит. Эргэ оту уматтахха, кэнчээри эрдэ быгар, үүнэр от хаачыстыбата тупсар диэн өбүгэ саҕаттан кэлбит өйдөбүллээхпит. Онтубут билигин барыта сокуонунан олоччу бобуллан турар.
Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, сааскы өрт ойуур баһаарын, нэһилиэнньэлээх пууннарга уот туруутун төрүөтэ буолар кутталлаах.
Суут-сокуон иннигэр бары биирбит. Сокуон туох диирий? РФ Бырабыыталыстыбатын 30.06.2007 с. 417 нүөмэрдээх уурааҕын Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын 12-с пуунугар олоҕуран, тыа таһыгар кураанах оту уоттуур, өртөөһүнү ыытар бобуулаах.
РФ Административнай кодексатыгар олоҕуран, өртөөһүҥҥэ ыстараап көрүллэр:
3-4 тыһ. солк. киһиттэн;
15-20 тыһ. солк. дуоһунастаахтартан;
100-250 тыһ. солк. юридическай сирэйдэртэн.
Өртөөһүнү кэтиир, хонтуруоллуур бөлөхтөр номнуо үлэлэрин саҕалаатылар. Ыам ыйын бырааһынньыктарыгар ойуурдары, тыа саҕаларын кэтээһиҥҥэ өссө элбэх үлэһит тахсара күүтүллэр. Куорат олохтоохторо! Мырааннарга, куорат кытыытынааҕы тыаларга мойуопкалыы тахсаргытыгар кутаа отторгут, мангал тэринэргит кытта бобуулаах!
Ойуур баһаарын, буруону көрбүт дьон Саха сиринээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар биллэриҥ: 8(4112) 44-74-76
Ойууру харабыллыыр сулууспа быһа нүөмэрэ: 8 (800) 100-94-00.