Росреестр управлениета уонна Дьокуускай уокуругун дьаһалтата сир уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларын туһунан кэпсэттилэр
Бэҕэһээ, Дьокуускай куоракка, Саха сиринээҕи Росреестр управлениетын салайааччыта Ольга Егорова, куорат баһылыга Дмитрий Садовников уонна туһааннаах салаа үлэһиттэрэ кыттыылаах хамсаабат хапытаалы суруйтарыы, муниципальнай өҥөлөрү оҥоруу уонна биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы алтыһыыны тупсарар туһунан кэпсэтиһэр мунньах буолан ааста.

Ол иһигэр учаастактарга аадырыстары биэрии, билигин баар классификаторга олоҕуран, сир учаастактара туһанарга көҥүллээх аналларыгар туттуллалларын бигэргэтэр муниципальнай өҥө оҥоһуллуохтаах болдьоҕун тутуһуу, ону тэҥэ хамсаабат баайы-дуолу толотторуу, Хамсаабат баай-дуол кэлим судаарыстыбаннай реестиригэр (ЕГРН) баар сибидиэнньэлэри туһаныы уо.д.а. боппуруостары таарыйдылар.
Биир ураты болҕомтону “Хамсаабат баай судаарыстыбаннай регистрациятын туһунан” диэн 218 нүөмэрдээх Федеральнай сокуон 69.1 ыстатыйатын уонна 518 №-дээх ФЗ-ны олоххо киллэрии чэрчитинэн, иннинээҕи сылларга учуоттаммыт хамсаабат баайы буларга былааннаммыт көрдөрүү төһө туолан иһэригэр уурдулар.
«Учаастактарга аадырыстары иҥэриигэ, сир учаастактарын характеристикатын чопчулуурга уонна урут учуоттаммыт хамсаабат хапытаалы булан, быһаарыыга бииргэ үлэлэһиэхпитин наада. Дьайыыларбыт бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх, сөпсөһүннэриллибит буолууларын уонна кадаастыр учуотугар туруорарга, быраабы судаарыстыбаннай регистрацияҕа киллэрэргэ ирдэнэр докумуоннары оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтии – биһиги уопсай сыалбыт-сорукпут», – диир Ольга Егорова.
Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата хаарбах туруктаах дьиэлэр олохтоохторун көһөрүүгэ үөскүүр ыйытыктары киллэрдэ. Онно чуолаан тутуу хааччахтаах (обременение), дьаһайыы бобуулаах түгэнигэр олорор дьиэни кадастровай учуоттан устуу уонна бэриллэр быраап судаарыстыбаннай реестиригэр киллэрии-таһаарыы туһунан этиллэр. Исписэлиистэр кылаастарын үрдэтэр уонна биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы үлэни тупсарар гына, үөрэтэр, билиини хаҥатар тэрээһиннэри бастайааннай өрүккэ ыытар наадатын кэпсэттилэр.
Өссө биир ураты болҕомтону олоҕурбут бэрээдэгинэн регистрацияламматах хапытаалынай тутуу эбийиэктэригэр уонна сир учаастактарыгар быраабы толорууга уурдулар. Биирдиилээн олорор дьиэни туттарга уонна садоводствонан дьарыктанарга аналлаах сирдэри ылан баран, урбаанынан дьарыктанарга туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыктары эмиэ дьүүллэстилэр.

«Куорат олохтоохторун күннээҕи кыһалҕаларын быһаарыы уонна куорат сирин-уотун сайыннарыы сир уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларын боппуруоһуттан быһаччы тутулуктаах. Ураты болҕомто сибидиэнньэлэри атастаһыы кэмигэр, тардыллыытын суох оҥоһулларын, исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ уонна кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыыга сөпсөһүннэриилээх сыһыан олохтонуута ылыахтаах», – куорат баһылыга Дмитрий Садовников санаатын үллэһиннэ.
Онон бу дьыалабыай кэпсэтии Росреестр управлениетын уонна киин куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын икки ардыларынааҕы сыһыаны тупсарыыга, оҥоһуллар муниципальнай өҥөлөр хаачыстыбаларын үрдэтиигэ, ону тэҥэ хамсаабат хапытаал туһунан бигэргэммит, толору сибидиэнньэ баар буолуутун хааччыйарга туһуланна.