РФ Үлэ министиэристибэтэ Ийэ хапытаалын ыйдааҕы төлөбүргэ туттары бобуон баҕарар
Ийэ хапытаалын ыйдааҕы төлөбүргэ уонна мунньуллар биэнсийэҕэ угууну бобон, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга эрэ ыытарга этии киллэрбиттэр. Бу туһунан дойду бэрэсидьиэнигэр көрдөрөргө бэлэмнэммит дакылаат бырайыагар этиллэр.
Биэдэмистибэ элбэх ыал Ийэ хапытаалын атыҥҥа туһанарын бэлиэтээбит. 2025 сылга 42,8% оҕо үс сааһыгар диэри ылар төлөбүргэ ороскуоттаабыт (2020-с сылга ити көрдөрүү 24,5% тэҥнэһэрэ), оттон дьиэни-уоту тупсарыыга 26,4 эрэ % -нара туһаммыт (2020-с сылга — 58,5% эбит). 2026 сыл инники түөрт ыйын түмүгүнэн, балаһыанньа өссө куһаҕан: 18,8% эрэ ыал Ийэ хапытаалын дьиэ атыылаһарыгар туттубут.
Үлэ министиэристибэтэ Ийэ хапытаалын ити курдук ыйдааҕы төлөбүргэ, төлөбүрдээх үөрэххэ уонна мунньуллар биэнсийэҕэ ороскуоттууру боборго этии киллэрэр. Ол оннугар дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыны эрэ хаалларары туруорсар диэн «Московская перспектива» суруйар.
Ону таһынан биэдэмистибэ дьиэ кэргэн ипотекатын усулуобуйатын уларытыан баҕарар. Холобур, 60 кв. м. улахан иэннээх дьиэни атыылаһалларын курдук, хас биирдии аныгыскы оҕо төрүүрүгэр ыстаапканы намтатарга уонна икки уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга кирэдьиит сууматын улаатыннарарга этиилээх.