19.05.2026 | 15:36 | Просмотров: 429

"Ретро кинотехника" быыстапка турда

Саха сирин киинэтин сайдыытыгар үгүс кылааттарын киллэрбит Арассыыйа уонна Саха сирин кинематографистарын туйгуннара В.А. Томскай, И.С. Жараев киинэ түмэлэ баар буолуохтааҕын туһунан 1996 сылга бырагыраама суруйаллар.
"Ретро кинотехника" быыстапка турда
Ааптар: Маргарита Акимова
Хаартыска: Дьоруой тиксэриитэ
Бөлөххө киир

Бу үлэҕэ олоҕуран 2001 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр 06/48 №-дээх Госкинохранилище анал бирикээһэ тахсар.

Саха сиринээҕи киинэ түмэлин үлэтин бүгүн Марина Софроновна Винокурова иилиир-саҕалыыр. Кини 1993-2006 сылларга Орто Халыматааҕы Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ үлэтин саҕалыаҕыттан научнай үлэһиккэ тиийэ үүммүт уопуттаах. 2009 сыллаахха Госкинохранилищеҕа үлэлии киирбит. Иван Спиридоновиһы кытта элбэх быыстапканы, экспозицияны туруорбута. Ол иһигэр «От Аэрограда до Чингис Хаана»  быыстапкалара, «Люди за кадром и в кадре» кинигэ сериялара дьоһун миэстэни ылаллар.

Аан дойдутааҕы Түмэл күнүн көрсө Киинэ түмэлэ сонун экспозицияны бэлэмнээтэ.

Марина Винокурова, тэрилтэ сүрүн исписэлииһэ:

– Быйыл Култуура сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ үбүлүөйдээх култуура тэрилтэтэ элбэх. Биир оннугунан биһиги,  И.С. Жараев аатынан аудиовизуальнай киин, буолабыт. Муус устар 10  күнүгэр 30 сылбытын сэмэйдик бэлиэтээбиппит. Куйаар ситимигэр 30 күн устата тэрилтэ үлэтин-хамнаһын сырдатар иһитиннэриилэр тахсыбыттара. «Саха» НКИХ нөҥүө история чахчылара тиһигин быспакка сырдатылла тураллар. Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын түмэлин филиала «Якутская ссылка» диэн түмэл дьиэтигэр «Саха сиригэр киинэ сайдыыта» диэн улахан экспозициябыт үлэлиир.

Күн бүгүн С.И. Москвитин дириэктэрдээх СӨ норуоттарын аудиовизуальнай киинин дьиэтигэр «Ретро кинотехника» быыстапка арылынна. Быыстапканы  Е.С. Пеньков салайан ыытта. Дириэктэр солбуйааччыта Г.И. Харлампьев тыл эттэ.

Сахалартан бастакы үөрэхтээх кинооператор Н.Е. Саввинов олоҕун устата илдьэ сылдьыбыт «КонВас автомат» кинокамератытыттан саҕалаан үөрэммит кэминээҕи дипломнай үлэлэрэ, отчуоттара.   

И.С. Жараев  суруйан таһаарбыт кинигэлэрэ, тутта сылдьыбыт маллара. В.А. Томскай өр кэмҥэ харыстаан уура сылдьыбыт 1936 сыллааҕы кинопроектора «Кинап» худуоһунньуктар Андрей уонна Ньургуйаана Никифорова уруһуйдара уо.д.а. киинэ устарга уонна көрдөрөргө туһаныллыбыт аппаратуралар  көрдөрүүгэ турда. 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.