09.10.2026 | 10:23 | Просмотров: 104

«Үөрэхтээһиҥҥэ оҥоһуу өй» форум ыытыллыаҕа

Алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга «Үөрэхтээһиҥҥэ оҥоһуу өй» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи форум ыытыллыаҕа.
«Үөрэхтээһиҥҥэ оҥоһуу өй» форум ыытыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҥоһуу өй үөрэхтээһин эйгэтигэр хайыы үйэ саба халыйан киирэн, үгэс буолбут ньымалары уларытан эрэр. Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, билигин оҥоһуу өй кыахтарын туһунан көннөрү ырытыынан эрэ муҥурдаммакка, олору үлэҕэ көдьүүстээхтик, куттала суохтук уонна туһалаахтык туһанары ырыҥалыыр ордук суолталаах.

Форумҥа педагогтар, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, былаас уорганнарын, ИТ-хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ уонна түмсүөхтэрэ. Бу күн ИТ-индустрия бэрэстэбиитэллэрин кытары араас сессиялар, педагогтарга аналлаах ИИ-мастарыскыайдар, бырайыактыыр үлэлэр уонна быыстапкалар буолуохтара. Ону сэргэ, учуутал дьарыктарын бэлэмнииригэр, үөрэтэр матырыйаалларын уонна сорудахтарын оҥороругар, о.д.а. үлэҕэ оҥоһуу өйү туһаныыга ураты болҕомто ууруллуоҕа. Тэрээһин аһаҕас кэпсэтии былаһаакката буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп