16.10.2026 | 15:05 | Просмотров: 92

Үрдүкү кылаастарга үөрэх таһынааҕы дьарыгы 20 чааһынан аҕыйаппыттар

Ол туһунан ССТА иһитиннэрэр
Үрдүкү кылаастарга үөрэх таһынааҕы дьарыгы 20 чааһынан аҕыйаппыттар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чопчута, итинник уларыйыы орто уопсай үөрэх федеральнай үөрэх бырагырааматын саҥардыллыбыт  бырайыагар киирбит.

Онно суруллубутунан, оскуола 10–11 кылааһын үөрэнээччилэрэ  үөрэх кэмин тас өттүгэр ыытыллар дьарыга билигин муҥутуур уһаабыта  700 чааска тэҥнэһэр. Оттон кэлэр үөрэх дьылыгар ити бириэмэ 20 чааһынан аҕыйатыллан, 680 чаас буолара сабаҕаланар.

Саҥардыллыбыт докумуон барыла үөрэх кэмин тас өттүгэр ыытыллар үлэ былааныгар ханнык хайысхалар киирэллэрин, олор тутулларын уонна тэрийэр көрүҥнэрин, кээмэйин быһаарар, чопчулуур. Үөрэх тэрилтэтэ  бу былааны бэйэтэ сиһилээн оҥорор.

Үөрэх дьарыгын таһынан ыытыллар үлэ үөрэнээччи киһи (личность) быһыытынан сайдарыгар көмөлөһөр  сыаллаах. Ол иһигэр спорт өттүнэн сайыннарар, ыччат доруобуйатын туругун бөҕөргөтөр, өй-санаа, сиэр-майгы, социальнай, уопсай өй-санаа уонна уопсай култуура өттүнэн сайыннарар сыаллаахтар бааллар. Көрүҥнэрэ араас буолуон сөп: уус-уран, культурологическай, филологическай, ыллыыр устуудьуйалар, араас тиэмэлэринэн түмсүүлэр, оскуолатааҕы спорт кулууба, сиэксийэлэр, кэмпириэнсийэлэр,  олимпиадалар, байыаннай-патриотическай түмсүүлэр, экскурсиялар, күрэхтэһиилэр, билим чинчийэр-көрдүүр  үлэлэр уо.д.а. Бу дьарыктартан хайатыгар сылдьарын үөрэнээччи бэйэтэ быһаарыахтаах.

Орто уопсай үөрэх саҥа ФГОС-а кэлэр үөрэх дьылыттан, ол аата 2027 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэрэ этиллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.