16.10.2026 | 18:00 | Просмотров: 88

Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмология балыыһатыгар телемэдиссиинэ киинэ тэриллиэҕэ

Пилотнай бырайыакка Саха сирин 5 улууһа кыттыста. Киин сэтинньиттэн үлэтин саҕалыахтаах.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмология балыыһатыгар телемэдиссиинэ киинэ тэриллиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Ол курдук, Жатайга, Өлөөн, Чурапчы, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар ыарыһахтары харах быраастара телемэдиссиинэ көмөтүнэн көрүөхтэрэ. Бу хабыллыбыт улуустарга оптоволокно ситимэ тардыллыбыт буолан үлэлэһэр усулуобуйа барыта баар.

Билигин улуустар киин балыыһаларын биэлсэрдэрэ офтальмологияҕа уонна оптометрияҕа сиэстэрэ дьыалатыгар тэтимнээх кууруска үөрэнэ сылдьаллар, диагностикалыыр ньымалары баһылыыллар уонна саҥа оборудованиеҕа үлэлииргэ үөрэнэллэр. Куурус дьарыктарын Офтальмология балыыһатыгар ыыталлар.

Телемэдиссиинэ көмөтүнэн офтальмологическай балыыһа быраастара улуустарга сылдьар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр харах наадалаах структураларын көрөргө линзаны хайдах туруорары, барыллаан диагностиканы бигэргэтэри эбэтэр утарары ыраахтан олорон быһаарсар буолуохтара. Улуустааҕы балыыһа үлэһитэ хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэр систиэмэлээх щелевой лаампаны кытта үлэлиэҕэ, оттон Дьокуускайга баар исписэлиис экраҥҥа көстөр уобараһы көрөн диагностикалыаҕа.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.