25.02.2026 | 15:10 | Просмотров: 135

Өрөспүүбүлүкэбитигэр барытыгар кэриэтэ сылаас күннэр туруохтара

Бу өрөбүллэргэ Саха сирин өссө биир циклон таарыйыа.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр барытыгар кэриэтэ сылаас күннэр туруохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сырыыга — Приморье уонна Хабаровскай кыраайдартан. Уһук Хотугу оройуоннартан ураты өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылаас күн-дьыл туруоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр тэрилтэ салайааччыта Татьяна Маршалик кэпсээтэ.

Кытайтан кэлбит итии салгын Дьокуускайга ыйдааҕы сөҥүүнү кытта сылаас күннэри аҕалла.

Синоптик этэринэн, Саха сиригэр циклоннар икки ардыларыгар температура -30 кыраадыска тиийэ тымныйыан сөп. Дьокуускайга эмиэ температура түһүө диэн сабаҕалыыллар, ол гынан баран киин куорат температурата ол таһымтан тахсыа суоҕа.

“Кэлэр күннэргэ, рекорднай таһымҥа чугаһаабыт сылаас күн-дьыл кэнниттэн, Дьокуускайга температура түһүөҕэ, ол эрээри нуорматтан 8-10 кыраадыс үрдүккэ хаалыаҕа. Түүҥҥү температура -25 кыраадыс эргин буолуоҕа, оттон күнүс -15 кыраадыс”, - диэн Маршалик эттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.