03.06.2026 | 11:17 | Просмотров: 129

Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суута Дьокуускай суутун быһаарыытын өйөөтө

Дьокуускайга биир ыал иэс киирэн туран, бэдэрээт тэрилтэтин кытта дьиэ туттарарга дуогабар түһэрсибит. Оттон тутуохтаах бэдэрээччит болдьоммут кэмҥэ акылаатын эрэ түһэрбит!
Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суута Дьокуускай суутун быһаарыытын өйөөтө
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Куорат ыала этээһэ суох, гараастаах дьиэни тутарга бэдэрээт тэрилтэтин кытта дуогабар түһэрсибит. Онно дьиэ 2025 сыл алтынньытыгар олоччу бэлэм буоларын курдук кэпсэппиттэр. Инньэ гынан, сакаасчыт дуогабардаах ХЭУотугар тута  5 400 000 солк. үбү иэс ылан ыыппыт. Ону баара тэрилтэ болдьохтоох кэмҥэ баара эрэ дьиэ акылаатын түһэрэн абыраабыт. Ол суумата 1 045 000 солк. эбит. Онтон ордубут 4 355 000 суумаҕа туох да үлэ барбатах. 2025 сыл ахсынньытыгар тиийэн, дьиэ тутуллуохтаах болдьоҕуттан хайыы үйэ  71 күн хойутаабыт.

Итинтэн сэрэхэдийэн, дьиэ туттарыахтаах ыал туһааннаах тэрилтэҕэ дуогабары көтүрүөххэ уонна толоруллубатах үлэ иһин төлөммүт үбү сэргэ “неустойканы” төлөһүҥ диэн уведомление ыыппыт. Сөп ээ, отоойкоҕо олорбут ыал ити төлөспүт үбүн кирэдьиит ылан биэрбит, онон өссө бырыһыаннаах төлөһө олордоҕо. Уведомлениены тутан да баран, дуогабардаах тэрилтэ харчыны төлөһөргө тиэтэйбэтэх.

Онон кыһалҕаламмыт ыал Дьокуускай куорат суутугар үҥсүү түһэрбит. Суут толоруллубатах үлэ иһин тылыгар турбатах ХЭУо 4 355 000 солкуобайы төлүүрүгэр, "неустойка" иһин – 130 650 солк., моральнай хоромньу иһин –  20 000 солк, ыал ирдэһиитин толорботоҕун иһин —  1 500 000 солк. ыстараабы кытта суукка бэрэстэбиитэл буоларга төлөммүт —  50 000 солк. төлүүрү таһынан  судаарыстыбаннай түһээн 30 540 солк. сабарыгар уураахтаабыт.

Онуоха эппиэттээх тэрилтэ, кытаран да көрбөккө, ыстараап уонна неустойка кээмэйин кыччатары туруорсар аппелляция суруйбут. СӨ Үрдүкү суутун гражданскай дьыалаларга кэллиэгийэтэ Дьокуускай суутун уурааҕар уларытыыны киллэрэргэ төрүөт суох диэн, оннунан хаалларбыт. Онон Куорат суутун быһаарыыта күүһүгэр киирбит.

Бу туһунан СӨ Үрдүкү суутун пресс-сулууспата иһитиннэрбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.