Өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр паром сырыыта тохтуур кэмэ чугаһаата. Хаһааҥҥыттан?
Тута этэбит: бу билигин этиллэр болдьох быһа барыллаан оҥоһуллубут. Күн-дьыл туругуттан, эбэлэр хаһан мууһуралларыттан көрөн, уларыйар – уһуур, кылгыыр – кыахтаах.
Онон билиҥҥи туругунан, уу суола сабыллар болдьоҕо, быһа барыллаан, маннык:
Өлүөнэ эбэҕэ
* «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» туһаайыытынан паром 18 күнүгэр диэри үлэлиир. Онтон салгыы быыһык кэмнээҕи үлэ эрэсиимигэр көһүөхтэрэ. Өҥө төлөбүрэ, ол кэмҥэ буоларын курдук, үрдүө.
* «Кангалаас — Суотту» туһаайыытынан паром алтынньы 16 күнүнэн тохтуохтаах.
* «Өлүөхүмэ — Заречнай»: Алтынньы 15 күнүгэр диэри сылдьыа.
* «Качикат— Мохсоҕоллоох»: алтынньы 16 күнүгэр диэри.
Алдан өрүскэ:
* «Мэҥэ Алдан — Кэскил»: алтынньы 15 күнүгэр диэри.
* «Уус-Маайа — Эльдикан»: алтынньы 10 күнүгэр тохтообуттара.
Бүлүү өрүскэ:
* «Үөһээ Бүлүү — Хоро»: алтынньы 20 күнүгэр диэри сылдьыахтара.
* «Ньурба — Күндээдэ»: Алтынньы 18 күнүгэр диэри.
* «Кириэстээх — Мииринэй»: Алтынньы 18 күнүгэр диэри.
* «Сунтаар — Устье»: Алтынньы 18 күнүгэр диэри.
Амма эбэҕэ:
* «Амма — Бөтүҥ»: Алтынньы 13 күнүгэр тохтообут.
Быыһык кэмҥэ (межсезонье) Өлүөнэ, Алдан уонна Бүлүү өрүстэринэн дьону таһарга салгын олбохтоох ааллар (хивустар) уонна аэроботтар үлэлиэхтэрэ. Ааллар сырыылара күнүскү кэмҥэ эрэ оҥоһуллуохтара.