28.04.2022 | 08:00

Өрөгөйдөөх үбүлүөйбүтүн хайдах көрүстүбүт?

Өрөгөйдөөх үбүлүөйбүтүн хайдах көрүстүбүт?
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит. Быйылгы бырааһынньык икки бүк үөрүүлээх – Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйэ.
Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх күнүн көрсө бэлэмнэнии үлэтэ эрдэттэн күүскэ барда.

Куораты тупсарыы

Дьокуускай куорат үрдүнэн субуотунньуктар саҕаланнылар. Ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт бастакы маассабай субуотунньукка алта тыһыынчаттан тахса киһи таҕыста. Ырааһырбыт пааркаларга, куорат уопсастыбаннай миэстэлэригэр сотору 2 мөл. кэриҥэ сибэкки олордуллуоҕа.

Саха сирин үрдүнэн уонна киин куоракка үбүлүөйдээх тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытыллаллар.

Петр Романов үлэлэрэ

Быыстапкалар

Муус устар 22-30 күннэригэр Киров уул., 12 нүөмэригэр турар СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр музейыгар “Петр Романов: на заре нового искусства” быыстапка буола турар. Петр Романов – сахаттан бастакы художественнай үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, өрөспүүбүлүкэҕэ  ойуулуур-дьүһүннүүр искусство сайдыытын саҕалааччылартан биирдэстэрэ. Экспозицияҕа худуоһунньук живописька уонна графикаҕа сыһыаннаах 150-ча үлэтэ турар.

 Муус устар 22 күнүттэн ыам ыйын 8 күнүгэр диэри Поярков уул., 4 нүөмэригэр баар “Симэх” прикладной искусство уонна уус-уран оҥоһуктар национальнай кииннэригэр уус-уран оҥоһуктар быыстапка-дьаарбаҥкалара үлэлиир. Манна 20 улуустан 50 маастар кыттар, 300-чэ үлэ көрдөрүүгэ турар.

Муус устар 26 күнүгэр Саха сирин парламенын историятын музейын “Вехи якутской истории” көһө сылдьар экспозицията арылынна. Буолар сирэ: Дьокуускай к., Ярославскай уул., 24/1, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэтэ.

«Арассыыйа – мин историям» музейга (Ксенофонт Уткин уул., 5) хас даҕаны быыстапка тэҥинэн үлэлиир. Ол курдук, муус устар 22 күнүттэн “Современная история Якутии” мультимедийнай экспозиция турар. Манна аҕыс быыстапкалыыр саалаҕа, 800 кв. М. иэннээх сиргэ, мультимедиа технологияларын көмөтүнэн Саха сирин историята “тиллэр”. Элбэх хаартыска уонна матырыйаал киэҥ араҥаҕа аан бастаан тахсар.

Муус устар 27 күнүгэр “Путь Эллэя. Геокультурные образы” мультимедийнай экспозиция сүрэхтэннэ.

“Путь Эллэя. Геокультурные 
образы” мультимедийнай экспозиция сүрэхтэниитэ

Ону сэргэ Нам улууһун Остуолба уонна Үөһээ Бүлүү Харбалаах сэлиэнньэлэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын музейдарыгар экспозициялар тэрилиннилэр.

СӨ Национальнай библиотеката (Ленин проспега, 40) эмиэ туһунан бырагыраамалаах. Ол курдук, муус устар 27 күнүгэр Саха АССР 100 сылынан “День республики — Символ патриотизма!” виртуальнай быыстапканы арыйда (https://nlrs.ru/).

Маны сэргэ «Моя Якутия: незыблемая связь времен, традиций и культуры” кинигэ быыстапката үлэлиир.

Сарсын, муус устар 29 күнүгэр, “Они основали республику” кинигэ биһирэмэ буолар.

Муус устар 27-ыам ыйын 18 күннэригэр СӨ Сокровищницата (Киров уул., 12) РФ Сыаннастарын судаарыстыбаннай пуондатын “Национальные сокровища России. Москва-Якутск. 2022” көһө сылдьар быыстапката үлэлиир.

Научнай-практическай конференция Саха АССР төрүттэммитэ 
100 сылыгар ананна

Ыччакка аналлаах тэрээһиннэр

Муус устар 22 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка “Аммосов-2022” устудьуоннар научнай-практическай конференциялара ыытылынна. Манна 400-тэн тахса устудьуон уонна магистрант кытынна. Кинилэр научнай үлэлэрин 13 секциянан уонна 10 хос секциянан билиһиннэрдилэр.

Өрөспүүбүлүкэ бары музейдарыгар, библиотекаларыгар, үөрэх тэрилтэлэригэр муус устар 24-27 күннэригэр “Послание молодежи 2032 года от молодежи 2022 года” эссе күрэҕэ ыытылынна.

Үөрэх тэрилтэлэригэр (орто уонна үрдүкү үөрэх кыһалара) “Мы — потомки основателей Якутской АССР” кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, гражданственность уонна патриотизм уруоктара буола тураллар.

Мунньахтар, конференциялар

Нам улууһун Остуолба сэлиэнньэтигэр, Таатта улууһун Чөркөөҕөр, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар муус устар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт уопсастыбаннас көһө сылдьар мунньахтара буолан аастылар.

Бүгүн, муус устар 28 күнүгэр, Ил Түмэн VI-с ыҥырыытын XXXVI-с пленарнай мунньаҕа ыытыллар. Оттон сарсын, муус устар 29 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕар бары ыҥырыылар норуодунай дьокутааттара кыттыылаах үөрүүлээх мунньах былааннанар.

Биир сонун тэрээһин – Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын уонна кыһалҕаларын тула Арассыыйа уонна аан дойду экспертэрин түмэр Ленскэй кулууп мунньаҕа. “Задача на будущее: приоритеты воспитания молодежи” мунньах бүгүн, муус устар 28 күнүгэр, “Сахамедиа” медиа-кииҥҥэ буолар.

Испэктээктэр

П.А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай драмтыйаатыра муус устар 22 күнүгэр Николай Якутскай “Төлкө” арааманынан испэктээги көрдөрдө. Туруорааччы-режиссер Руслан Тараховскай, сценография – Михаил Егоров. Оруолларга: Ньургуйаана Шадрина, Дмитрий Татаринов, Зоя Багынанова, Михаил Семенов, Иннокентий Дакаяров, Надежда Ушницкая, Лена Сергеева-Румянцева, Ирина Михайлова, Валентин Макаров, Альберт Алексеев, Петр Макаров, Айта Лавернова, Жанна Ксенофонтова уо.д.а.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра муус устар 27 күнүгэр «Софрон Данилов “От имени народа Саха” испэктээги туруорда.

Муус устар 29 күнүгэр «Триумф» спорт киинигэр Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылларыгар аналлаах улахан бырааһынньыктааҕы туруоруу буолар.

Кэнсиэртэр

Муус устар 27 уонна 28 күннэригэр Комсомольскай болуоссакка бырааһынньыктааҕы кэнсиэр уонна Ыччат бэстибээлэ буолаллар.

Бүгүн, муус устар 28 күнүгэр,  Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра Серафим Кулачиков-Эллэй остуоруйатынан, Мария Жорницкая либреттотынан 3 оонньуулаах “Чурумчуку” балекка күүтэр. Балет аан бастаан 1964 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр туруоруллубут.

Киинэлэр

Муус устар 25 күнүгэр “Киин” киинэ тыйаатырыгар  “Өрөспүүбүлүкэ” уонна муус устар 26 күнүгэр “Лена” киинэ тыйаатырыгар “Страницы истории. 100 лет мечты” документальнай киинэлэр премьералара буолла. “Страницы истории. 100 лет мечты” киинэ драматург Баһылай Харысхал уонна биллиилээх историк Андриан Борисов сценарийдарынан оҥоһуллубут.

Итини сэргэ муус устар 26 күнүгэр “Саха” НКИК ханаалыгар “Дойти до края” саҥа документальнай киинэ көһүннэ.

Муус устар 27 күнүгэр “Лена” киинэ тыйаатырыгар “Пламенный Максим” документальнай киинэни көрдөрүү буолла. Киинэ СӨ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ, Саха сирин автономиятын төрүттэспит Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар.

Петропавловскай кириэппэһин Нарышкин бастиона

Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр

САССР тэриллибитэ 100 сылын Арассыыйа икки улахан куората бэлиэтиир. Санкт-Петербург Петропавловскай кириэппэһин Нарышкин бастионуттан 12.00 чаастааҕы (Москва бириэмэтинэн) ытыыны бу бэлиэ күҥҥэ аныахтара. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москва куоракка түүн 00.00 чааска (Москва бириэмэтинэн) Останкинскай башня Саха сирин былааҕын өҥүнэн сандаарара былааннанар.

 

Итини сэргэ Останкинскай башняҕа  «27 апреля  2022 – День Республики Саха (Якутия) – 100 лет ЯАССР!» диэн суруктаах ролик хас 5 мүнүүтэ ахсын көстүөҕэ. Башня аттыгар Саха сирин устудьуоннара эҕэрдэ устан, дойдуларыгар ыытарга бэлэмнэнэллэр. Бырайыак ааптардара – режиссер Эдуард Гаврильев, предприниматель Михаил Ефимов.

Муус устар 24 күнүгэр Москва куорат Бырабыыталыстыбатын Кэнсиэртиир саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла. «Эһигини Саха АССР төрүттэммитэ үйэлээх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиирбиттэн үөрэбин. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэбит 100 сыла Бүтүн Арассыыйа таһымыгар таҕыста», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев видео-сибээһинэн.

Муус устар 25 күнүгэр Москваҕа Арассыыйатааҕы социальнай-политическай история судаарыстыбаннай архыыбыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн историктар, архыып үлэһиттэрэ, устудьуоннар, бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ, Арассыыйатааҕы социальнай-политическай история судаарыстыбаннай архыыбын диаспоратын кыттыылаах научнай-практическай конференция ыытылынна.

Муус устар 27 күнүгэр Владивосток куоракка А.М. Горькай аатынан Приморскайдааҕы кыраайы үөрэтэр публичнай библиотекаҕа саха литературатын салаата арылынна.

Эмиэ ити күн Москватааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа композитор Марк Жирков төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт кэнсиэр буолла.

Муус устар 28 күнүгэр Москва куорат Арассыыйатааҕы Ыччат академическай тыйаатырыгар С.А. Зверев – Кыыл Уола аатынан СӨ Национальнай үҥкүү тыйаатырын “Дети белого солнца”  этнобалета туруоҕа.

Бырабыыталыстыба Кэнсиэртиир саалатыгар үөрүүлээх тэрээһин​​​​​​

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....