Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр төрөөбүт кырачааннары чиэстээтилэр
Ыам ыйын 2 күнүгэр, киин куоракка, өрөспүүбүлүкэ күнүгэр төрөөбүт кырачааннары төрүүр дьиэттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаардылар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 21 оҕо күн сирин көрбүт. Бу туһунан Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куорат перинатальнай кииниттэн өрөспүүбүлүкэ 15 саҥа олохтооҕун – 10 уолу уонна 5 кыыһы үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаардылар. Кинилэри үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова уонна кини солбуйааччыта Елена Топлякова эҕэрдэлээтилэр.
Кинилэр ийэлэргэ «Үйэ оҕолоро» диэн тус соруктаах хапытаалынан 100 тыһыынча солкуобай суумалаах туоһу суруктары уонна кырачааннарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев анал бэлэхтэрин, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар төрүөхтээх оҕолорго анаммыт үрүҥ көмүс өйдөбүнньүк тыаһатар оонньуурдары туттардылар.
«Бүгүҥҥү тэрээһин – биһиэхэ барыбытыгар ураты бэлиэ күн. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйдээх даататыгар сөп түбэһиннэрэн, муус устар 27 күнүгэр төрөөбүт кырачааннары үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаарабыт. Оҕоломмут дьиэ кэргэттэри эҕэрдэлээн туран доруобуйаны, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Сахабыт сирин саҥа олохтоохторо төрөппүттэрин үөрдэ, чэгиэн-чэбдик, олоҕу таптыыр, билэр-көрөр баҕалаах, дойдубут дьоһун олохтоохторо буола улааттыннар», - диэн Елена Волкова эҕэрдэтин тириэртэ.