Өрөспүүбүлүкэҕэ гидрологическай быһыы-майгы билиҥҥитэ холку
Эрэгийиэн үгүс өрүстэригэр уу таһыма эмискэ үрдээһинэ суох, диэн СӨ Быыһыыр сулууспа салайааччыта Иннокентий Андросов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Өрүстэргэ:
- Өлүөнэ — муус алын тардыыта Орлинг сиригэр-уотугар (Саха сирин кыраныыссатыттан 410 км), ыам ыйын 10-11 күннэригэр кэлэрэ күүтүллэр.
- Өлүөхүмэ — быһыы-майгы чуумпу, уу таһыма намыһах.
- Ньүүйэ — гидропостка муус хамсааһына бэлиэтэнэр.
- Амма — Амма сэлиэнньэтин аттыгар муус ааһар, сотору кэминэн Чурапчы оройуонун кыраныыссатыгар тиийэрэ күүтүллэр (өрүс намыһах таһымҥа устар).
- Бүлүү (Сунтаар оройуонун Кириэстээх сэл.) – үрдүк уу таһыма суох муус хамсыыр.
- Алдан — үөһээ тардыыларга хамсаан эрэр.
- Мая (Юдома өрүс төрдө) – муус хамсааһына бэлиэтэнэр.
Хаартыска: СӨ быыһыыр сулууспата