Өрүһүнэн сырыы киин улуустарга муус устар ортотугар сабыллыа
Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар мууһунан туоруур сирдэр, кыһыҥҥы суоллар, муус устар 15 күнүттэн бүтүннүү сабыллыахтара, бу күнтэн ыла бары массыыналар айанныыллара бобуллар. Арктикаҕа уонна хотугу эрэгийиэннэргэ мууһунан сырыы муус устар 20-25 күннэригэр түмүктэниэ.
Ыйыллыбыт күннэр быһа холоон оҥоһулуннулар; чопчу күннэр дьиҥнээх күн-дьыл туругуттан тутулуктаах буолуохтара. Көҥүллэнэр ноҕуруусканы уонна туорааһын сабыллар болдьохторун көннөрүү туһунан быһаарыыны олохтоох хамыыһыйалар гидрометеорологическай мониторинг дааннайдарыгар олоҕуран ылыналлар.
Таһаҕас тиэйээччилэр, олохтоох салайыныы уорганнара уонна тэрилтэлэр сезоннай суоллар сабыллыахтарын иннинэ, нэһилиэнньэлээх пууннарга наадалаах таһаҕаһы кэмигэр тиэрдиини хааччыйыахтаахтар уонна былааннаммыт тоннаж кыччааһынын учуоттуохтаахтар.