21.03.2026 | 11:00 | Просмотров: 161

Өрөбүлгэ Саха төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэр

«Саха эйгэтэ», «Дьөһөгөй тыына» уонна «Кэрэ олох» түмсүүлэр бу өрөбүлгэ, кулун тутар 22 күнүгэр, Саха төрөөбүт күнүнэн Айыы алгыстаах, оҕо үөрүүлээх, сахалыы тыыннаах, оһуохай үҥкүүлээх, киэҥ кэпсэтиилээх түһүлгэҕэ ыҥыраллар.
Өрөбүлгэ Саха төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: "Киин куорат" архыыба
Бөлөххө киир

Тэрээһиҥҥэ алгысчыт, оһуохайдьыт Кынаачай, Саха сирин култууратын туйгуна, бэтэрээнэ, сэһэнньит, кэпсэтиини түстээччи Андрей Саввинов, ф.н.д, бөлүһүөк учуонай, ХИФУ профессора, «Кут-Сүр» кыһа сэһэнньитэ, «Чугдаар» оҕо образцовай фольклорнай бөлөҕө (уус-уран сал. Ксения Лаптева), «Арчы» фольклор бөлөҕө, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыка колледжын устудьуоннара (уус-уран сал. Варвара Степанова-Арчыына, Саха сирин үтүөлээх артыыһа, Аан дойду култууратын маастара, Аан дойду виртуоз хомусчута), “Дабайа Дайа» фольклор бөлөҕө (уус-уран сал. Аника Захарова), «Махтал» этнофольклорнай үҥкүү бөлөҕө (уус-уран сал. Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Федоров) кытталлар эбит.

«Улуу Саха омук оҕото, сорҕото буоларбытынан киэн тутта, Айыы суолун тутуһаммыт Айыы дьоно, Күн дьоно дэтэн, саха буолан сандаарыаххайыҥ, киһи буолан килбэйиэххэйиҥ, ытык өбүгэбитин удьуордаан хаанын салгыаххайыҥ, Аан дойду үрдүнэн үйэттэн үйэҕэ Сахабыт омугун үтүө аатын уруйдатан-айхаллатан иннибит куруутун аһаҕас, аартыкпыт сырдык буолан алгыстаах аартыкпытынан махтал, таптал, эрэл, мичил, эйэ санаанан сайдыы диэки салаллан дьолбут тосхойо турдун, тапталлаах Сахабыт сирэ туругура турдун!» – диэн ыҥыраллар тэрийээччилэр.  

Тэрээһин Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин 2-с этээһигэр күнүс 11.00 чаастан 14.00 чааска диэри ыытыллара былааннанар. Киириитэ босхо.

«Киин куораттан»: Саха сахатын билинэригэр, биллэрэригэр үөрэтэр, ыҥырар, угуйар тэрээһин элбэҕэ хайҕаллаах. Ол быһыытынан Саха төрөөбүт күнэ сааскы күн тэҥнэһиитигэр сөп түбэһэр диэн билии тарҕаммыт кэмнээҕэ – ол эбэтэр бу кулун тутар 20 чыыһылатын эргин. Кэлин бу күнү – Саха төрөөбүт күнүн – аны, кулун тутарга хаарбыт ууллара өссө да кый ыраах, кубулҕаттаан кулун тутар тыалын-кууһун үгэнэ диэн, күөххэ дьиҥнээхтик үктэнэр кэмҥэ ыам ыйын 22 күнүгэр сыҕарыта сылдьыбыттара эмиэ баара.

Хайдаҕын да иһин, саха төрөөбүт күннээх буолара кэрэхсэбиллээх! 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.