03.06.2026 | 13:00 | Просмотров: 129

Путин нуучча тылын факультеттарын тэрийэргэ этии киллэрдэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Нуучча тылын уонна Арассыыйа норуоттарын тылларын өйөөһүн сэбиэтин мунньаҕар федеральнай университеттарга нуучча тылын туспа факультеттарын тэрийэр наадатын туһунан эттэ.
Путин нуучча тылын факультеттарын тэрийэргэ этии киллэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Билигин үгүс үрдүк үөрэх кыһаларыгар нуучча филологиятын факультеттара суох, кини ньиэмэс уонна англия филологияларын кытта биир факультекка киирэллэр. Путин бэлиэтээбитинэн, бу нуучча тылын аныгы Арассыыйа биир сүрүн баайынан ааҕар өйдөбүлгэ сөп түбэспэт.

Үтүө холобурунан Крым федеральнай университета буолар, былырыын манна Нуучча тылын уонна литературатын туспа факультета арыллыбыта. Бэрэсидьиэн атын федеральнай үөрэхтэр Крым холобурун батыһыахтара диэн эрэнэр.

Маны таһынан, Путин алын кылаас учууталларын бэлэмнээһиҥҥэ нуучча тылын уонна литературатын үөрэтии чааһын элбэтэргэ этии киллэрдэ. Бу предметтэр педагогтар уопсай тылларын култууратын уонна эстетическэй көрүүлэрин оҥкулун оҥороллор, оҕолору иитиигэ быһаччы дьайаллар.

Бэрэсидьиэн оҕо чэбдигирдэр лааҕырдарыгар нуучча тылыгар уонна литературатыгар анаммыт тематическай симиэнэлэри тэрийэргэ ыҥырда. Кини Үөрэҕирии министиэристибэтиттэн уонна Арассыыйатааҕы Ыччат сойууһуттан бу идиэйэни олоххо киллэриигэ кыттарга көрдөстө.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.