19.10.2026 | 11:00 | Просмотров: 65

Прокуратура куорат киинигэр аһыы утаҕынан эргинэр тэрилтэлэри бэрэбиэркэлиэҕэ

Киин уокурук управата Дьокуускай куорат прокуратуратыгар «ПивоRoob» уонна «Норэбан» (Короленко уул., 2/2 уонна 2/2а) тэрилтэлэри бэрэбиэркэлииргэ көрдөһүү түһэрдэ.
Прокуратура куорат киинигэр аһыы утаҕынан эргинэр тэрилтэлэри бэрэбиэркэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин уокурук управата
Бөлөххө киир

Ленин проспегын 14 уонна 16 нүөмэрдээх, ону тэҥэ Курашов уулуссатын 19-с нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин олохтоохторо ити этиллибит саарбах тэрилтэлэр, уопсастыбаннай аһылык эбийиэктэрин аатынан саптынан, суукканы эргиччи үлэлииллэрин үҥсэллэр. Кинилэр этэллэринэн, тиэргэннэрэ итирик дьон, ону ааһан сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор мустан арыгылыыр, охсуһар, айдаарар-куйдаарар сирдэригэр кубулуйбут.

Управа бэрэбиэркэ түмүгүн уонна туох миэрэ ылыллыбытын эбии иһитиннэриэх буолла.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.