“Полицейскай кылаастар” баар буоллулар
РФ ИДьМ киин куораттааҕы «Дьокуускайдааҕы» Муниципалитеттар икки ардыларынааҕы управлениетыгар куорат Национальнай политехническай 2 №-дээх оскуолатын уонна 29 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр анаан, саҥа «полицейскай кылаастары» үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар.
Маннык кылаастары тэрийии сүрүн сыала — үөрэх тэрилтэлэрин уонна ис дьыала уорганнарын икки ардыгар ыкса сыһыаны, алтыһыыны күүһүрдүү, үөрэнээччилэр сиэр-майгын, патриоттуу тыыннара уонна эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии уонна ыччат баһылыахтаах идэтин таларыгар көмөлөһүү буолар.
Тэрээһиҥҥэ РФ ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» СУ салайааччытын эбээһинэһин толорооччу, полиция полковнига Игорь Ефремов, управление тус састаабынан үлэлиир отделын салайааччыта, полиция полковнига Пётр Александров уонна РФ ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» СУ 2 №-дээх полиция отделын салайааччытын солбуйааччыта, полиция подполковнига Пётр Сивцев кытыннылар.


Оҕолорго эҕэрдэ тылын этэн туран, Игорь Гаврильевич оскуола оҕолоругар киһилии өйдөөх-санаалаах, үтүө майгылаах буоларга, билиигэ-сырдыкка тардыһыылаах, уопсастыба иннигэр эппиэтинэстээх буола үөрэнэргэ ыҥырда. Дойдуларын уонна төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин чиэһин сиэрдээхтик сүгэр үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарда.
Үөрүүлээх быһыы-майгы ортотугар үөрэнээччилэр бирисээгэ эттилэр. Дьокуускай куорат эрдэҕэс оҕолорун (подросток) киинин кыттааччылара музыкальнай нүөмэринэн бырааһынньык тыынын ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Оҕолорго полиция үлэһиттэрэ сулууспаҕа туттар экипировкаларын уонна анал тэриллэрин билиһиннэрдилэр. Эспиэрдэр оонньоон түбэлтэ буолбут сирдэртэн суоллары, туоһу буолар тэриллэри булардарыгар. Оҕолор криминалист анал тэриллэрдээх чемоданын сонургуу одууластылар, көрдүлэр-иһиттилэр.
Ону сэргэ үөрэнээччилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин ИДьМ Историятын түмэлигэр сырыттылар. Эрэгийиэннээҕи полиция сулууспата үөскээбит историятын, хайдах сайдан испитин, биэдэмэстибэ үлэһиттэрин үгэстэрин билистилэр.
Ити курдук, үөрэх дьыла устата профильнай кылаас үөрэнээччилэригэр анал бырагырааманан эбии дьарыктар ыытыллыахтара.
Бырайыак өссө биир сүрүн соруга – оҕолор бэрээдэги тутуһар, бырааптарын билэр, сокуону тутуһар гражданин буола үүнэн-сайдан тахсалларын ситиһии, куһаҕан быһыыттан, дьаллыктан дьалты тутта үөрэнэллэригэр уһуйуу буолар.
.