«Пентхаус» киинэ – бастыҥнар кэккэлэригэр
Бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ хас да секцияҕа сытыы сюжеттаах бастыҥ хартыыналары быһаарда. Толору миэтэрэлээх киинэлэргэ «Извод: Ведьмина топь» киинэ (реж. Олег Таравков уонна Алексей Плахотников) үрдүктүк сыаналанан, сүрүн бирииһи ылары ситистэ.
Санатар буоллахха, «Пентхаус» атырдьах ыйын 27 күнүгэр Арассыыйа киинэ тыйаатырдарыгар тахсыбыта. Малайзия уонна Арассыыйа кинематографистара кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка сүрүн оруоллары Саха тыйаатырын артыыһа Ирина Михайлова уонна дьоппуон артыыһа Содзи Араи толорбуттара.
Аҥаардас «Айта» киинэтинэн улахан тыаһы-ууһу таһаарбыт, «Хара хаар» киинэтинэн бэстибээллэргэ хаардыы хаампыт, саха киинэтин аан дойду таһымыгар таһаарбыт талааннаах режиссер, сценарист, продюсер Степан Бурнашев сэргэх сэһэнин манна киирэн ааҕыҥ:
https://kiinkuorat.ru/articles/stepan-burnashev-b-rb-n-da-atyylaatahpyna-ochcho-harchyny-bulbappyn