Педиатр Варвара Борисова: “Оҕону тэпилииссэҕэ курдук аһара бүөбэйдээн улаатыннарымаҥ”
Варвара Леонидовнаны кытта оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүү, битэмииннэри сөпкө иһэрдии, оҕону аһара уотуу, прививкаттан аккаастаныы туох содуллааҕын уо.д.а. туһунан сиһилии кэпсэттибит.
ОРВИ СЕЗОНА САҔАЛАННА.
ОҔОНУ ХАЙДАХ ХАРЫСТЫЫБЫТ?
- ОРВИ, грипп сезона саҕаланна. Кылааһынан, оскуоланан харантыыҥҥа барыы үксээтэ. Бастатан туран, оҕолорбутун хайдах харыстыыбыт?
- Дьокуускай куорат хас биирдии оскуолатыгар билигин медпууннар бааллар, онно быраастар уонна биэлсэрдэр үлэлииллэр. Олор үлэлэрин дьаһайабын, отделениены салайабын. Харантыын эргийэн кэлэ-кэлэ сыл аайы буолар. Кэтээн көрдөххө, балаҕан ыйыгар оҕолорбут бастаан көрсөр түгэннэригэр биир ыйы быһа, онтон саҥа дьыллааҕы барыыһынньык кэнниттэн эмиэ биир ыйы быһа харантыыннар буолаллар. Балаҕан ыйа, тохсунньу, кулун тутар – оҕолор саамай ыалдьар ыйдара.
Маныаха педиатрдар тугу сүбэлиибитий? Бастатан туран, уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа атырдьах ыйыгар, балаҕан ыйыгар грипп утары вакцинация ыытабыт – Совигрипп, Ультрикс вакциналары туруорабыт. Элбэх оҕо вакцинацияны аастаҕына кэлэктиип иммунитета диэн үөскүүр. Быһыыны ылбыт оҕолор дьиҥнээх грипп вируһун көрүстэхтэринэ даҕаны ыараханнык ыалдьыа суохтаахтар.
Иккиһинэн, арыый обургу оҕолорго сыһыаннаах соҕус сүбэлээхпин. Улахан атыы-эргиэн кииннэригэр, киинэ тыйаатырдарыгар, уопсайынан, элбэх дьон тоҕуоруһар сирдэригэр харантыын кэмигэр доруобай да оҕолор сылдьыа суохтаахтар. Кыра саастаах оҕолору ОРВИ сезонун кэмигэр эмиэ элбэх киһи мустар сиригэр соспот ордук.
Баччаларга аскорбиновай кислота, тууһаммыт хаппыыста, цитрустары күннээҕи аһылыкпытыгар хото киллэриэхтээхпит – иммунитет көтөҕөллөр, түргэнник үтүөрэргэ көмөлөһөллөр.
Күһүн сайыны быһа Д битэмиин испэккэ сылдьыбыт буоллахпытына, хайаан да иһэн саҕалыахтаахпыт. 3-4 саастаах оҕолортон саҕалаан күҥҥэ 2000 Ме (международная единица) Д битэмиин иһиэхтээхпит. Саха сиригэр олорор дьон кыһыны быһа Д битэмиини тохтоппокко иһэбит.
Дьиэни салгылатыы олус туһалааҕын бары билэбит, ол эрээри тутуһарбыт аҕыйах. Оҕолор элбэхтик ыалдьар кэмнэригэр хайаан да күҥҥэ биирдэ дьиэ иһигэр салгыны хамсатыахтаахпыт. 2-3 да мүнүүтэҕэ түннүгү арыйдахха салгын чэбидигирэ түһэр. Салгын хамсаабата куһаҕан.
Кыһыҥҥы ыйдарга ититии сезона буолан, салгыммыт кууран хаалар. Ол иһин салгыны сиигирдэр тэриллэри туттуохтаахпыт. Оччоҕуна туран хаалбыт вирустар суох буолаллар. Ультрафиолетовай лаампа дьиэҕэ туттуллара көҥүллэммэт.
- Наһаа элбэхтик ыалдьар оҕолор бааллар. Уһуйааҥҥа үс күн сылдьар, онтон икки нэдиэлэ ыалдьан дьиэҕэ олорор оҕо үгүс. Бу иммунитета наһаа мөлтөҕүттэн буолар дуу, төрөппүттэр тугу эрэ сыыһа-халты туттабыт дуу?
- Уһуйааҥҥа барбыт оҕо адаптация ааһар кэмигэр бастакы ыйдарыгар 3-4 төгүл ОРВИ ыалдьыан сөп – ол нуормаҕа киирсэр. Ол эрээри ыарыйдаҕын аайы бронхит, пневмония диэҥҥэ тиийиэ суохтаах.
Сырыы аайы бронхиттыыр, тыҥата тыастанар, ол аайы снимокка түһүү буолар буоллаҕына, инфекционнай балыыһаҕа киирэн тахсыар диэри күүскэ ыарыйдаҕына, ларинготрахеит буолар, күөмэйэ олоччу бүтэн хаалар, эбэһээт ингаляцияланар оҕолор “элбэхтик ыалдьар оҕолор” диэн категорияҕа киирсэллэр. Сылга 5-6 буолбакка, онтон элбэхтик ыалдьар оҕолор хайаан да педиатрга көрдөрүнүөхтээхтэр. Поликлиника аайы аллерголог-иммунолог диэн исписэлиистэр бааллар, оннук оҕолорунан кинилэр дьарыктаналлар.
Вирус уонна бактерия илдьэ сылдьыы диэни (носительство) быһаарыахтаахпыт. Наһаа элбэхтик ыалдьар оҕо организмыгар бактерияны, вирустары илдьэ сылдьар буолар. Ону айаҕыттан, муннуттан мазок ылыллар анаалыс билэр – бу наһаа үчүгэй чинчийии элбэҕи быһаарар. Оҕо бу анаалыһы чэгиэн сылдьан туттарыахтаах. Ол түмүгүн аллерголог-иммунолог көрөн, табыгастаах антибиотиктары эбэтэр биопрепараттары (бактериофагтары) аныыр. Элбэхтик ыалдьар оҕолор оннук эмтэниэхтээхтэр.
Төрөпүттэр оҕо тэрилтэтигэр саҥа барбыт оҕо тумуулуура (насморк, простуда) нуормаҕа киирсэрин өйдүөхтээхтэр. Сылга 4-5-тэ ыалдьара – нуорма. Онтон элбэх буолла даҕаны, бронхиттыыр, пневмониялыыр буоллаҕына булгуччу аллерголог-иммунолог, пульмонолог быраастарга барыахтаахтар.
АНТИБИОТИК ХАҺАН АНАНАРЫЙ
- Оҕо ыарыйдаҕына ханнык түгэҥҥэ антибиотик ананарый? Сорох төрөппүт антибиотик үлүбээй иһэрдиэн сөп, сорох быраас да анаатаҕына туттунар...
- Арай оҕобут ыалдьан хаалла, быраас кэлэн иһиллээн баран антибиотик анаата. Билигин педиатрияҕа антибиотигы анаалыс эрэ кэннэ ананыахтаах диэн суох. Быраас оҕо хайдах туруктааҕын, хас күн ыалдьыбытын, бу сылга номнуо хаһыстаан ыалдьыбытын, хаһыс күнүн температуралаабытын барытын учуоттаан туран антибиотик аныан сөп.
Антибиотигы быраас эрэ аныахтаах. Былыр медицина сайда илигинэ, информация суоҕуна, оҕо күүскэ ыалдьан хаалыа диэн сэрэхэдийэн пенициллин, ампиццилин курдук антибиотигы аҥаар уһугуттан анааһын чахчы баара. Оттон билигин педиатрия аныгы чинчийиилэрэ, учуонайдар тугу суруйаллара барыта аһаҕас источниктарга баар, билиитин хаҥатыан баҕарар быраас информацияны дэбигэстик булар кыахтаах.
Төрөппүттэртэн көрдөһүөм этэ, антибиотигы бэйэҕит иһэрдимэҥ! Оҕо ыарыйдаҕына, дьиэҕэ антибиотик тобоҕо баар буоллаҕына биэрэргэ ыксаамаҥ. Чахчы наадалаах эрэ буоллаҕына быраас аныаҕа. Ол иһин антибиотигы сорох аптекаларга ырысыабынан эрэ атыылыыллар.
Антибиотик киһи очоҕоһугар, ис уорганнарыгар тоҕо дьайарый? Эмп куһаҕан эрэ бактериялары өлөрөр буолбатах, үчүгэй бактериялары эмиэ аҕыйатар. Антибиотик кэннэ микрофлора 4-6 ыйы быһа чөлүгэр түһэр. Ол иһин антибиотигы кытта билигин бифидо, лакто бактериялары тэҥҥэ иһэллэр. Эбэтэр антибитиотик иһэн бүппүтүн кэнниттэн ананар.
ИММУНИТЕТЫ ХАЙДАХ БӨҔӨРГӨТӨБҮТ
- Оҕо иммунитетын бөҕөргөтөргө тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Мин пульмонология отделениетыгар, Оҕо инфекционнай балыыһатыгар, поликлиникаҕа, чааһынай клиникаҕа педиатрынан үлэлээбитим тухары, хас төрөппүтү, хас наһаа элбэхтэ ыалдьар оҕону көрбүппүттэн биир сүрүн сүбэлээхпин – оҕону тэпилииссэҕэ эриэккэс оҕуруот аһын бүөбэйдээн үүннэрэр курдук көрүө суохтаахпыт.
Бэйэбит хайдах таҥнарбыт курдук таҥыннарыахтаахпыт, сэттэ хос таҥаһынан үллүйбэппит. Оҕо куруук сылааска, хап-халыҥ таҥастаах эрэ сылдьыахтаах диэн буолбатах. Сылаас кэмҥэ муостанан атах сыгынньах сүүрэкэлиэхтээх. Сотору-сотору душтаныахтаах. Сайын хайдах да халлаан турдун – күҥҥэ, күлүккэ тэҥинэн көҥүл сылдьыахтаах. Саҥа төрөөбүт оҕону даҕаны -20 кыраадыска диэри таһырдьа таһаарабыт. Төһө кыалларынан сайын устата оҕо үрэххэ, күөлгэ сөтүөлүөхтээх. Оҕо аһалыгын арааһа элбэх буолуохтаах – эти, балыгы сиэхтээх, наар бурдук аһынан үлүһүйүө суохтаах.
Уопсайынан, оҕону сиэри таһынан харыстаабакка көрүөхтээхпит-истиэхтээхпит. Айылҕаҕа буһарыы-хатарыы (закаливание) – доруобуйаны бөҕөргөтөр саамай үчүгэй ньыма.
Маны таһынан, биһиги стресс элбэх кэмигэр олоробут. Саҥа төрөөбүт оҕолортон саҕалаан тулалыыр эйгэни ылыныылара чап-чараас (аныгы оҕолору “высокочувствительные дети” диэн ааттыыбыт) оҕолор буоллулар. Куустуһа, сыллата, имэрийтэрэ сылдьыахтарын баҕараллар. Ол аата дьиэ кэргэҥҥэ уйулҕа өттүнэн бөҕө туруктаах буолуу билигин хаһааҥҥытааҕар да наада. Олоххутугар туох эрэ табыллыбат да түгэнигэр, хаһан даҕаны оҕо үрдүнэн буолумаҥ. Оҕоҕо аһа-таҥаһа, олорор дьиэтэ уонна төрөппүт таптала наада. Төрөппүт тапталын, көрүүтүн-истиитин, болҕомтотун ханнык да сыаналаах эмп, битэмиин солбуйар кыаҕа суох.
БИТЭМИИНИ ҮЛҮБЭЭЙ СИЭТЭР СЫЫҺА
- Оҕо ханнык битэмиинэ тиийбэтин хайдах билэбит? Холобур, билигин маркетинг оҕоҕутугар магнийы, дьуоту, Д битэмиини, о.д.а. хаалааҥ диир. Сетевой хампаанньалар оҕолорго аналлаах битэмииннэрэ хара баһаам. Биир да битэмиини иһэрдибэт төрөппүт суобаһырҕыах курдук балаһыанньата...
- Педиатр быһыытынан билиибин хаҥатаары, Арассыыйатааҕы норуоттар доҕордоһууларын университетыгар Эндокринология кафедратыгар профессордарга үөрэммитим, олус элбэх билиини ылан кэлбитим. Онтон кыратык үллэстиэхпин баҕарабын. Биһиги хотугу региоҥҥа олорор буоламмыт, күн альфа сардаҥалара биһиэхэ тиийбэт. Ол сардаҥалар Д битэмиин бэйэбит тириибитигэр үөскүүрүгэр наадалар. Ол иһин биһиги бары Д битэмиин сэрэтэр дозатын иһэ сылдьыахтаахпыт.
Биһиги региоммутугар Д битэмиин уонна дьуот күн аайы иһиллиэхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, дьуот биһиги уубутугар суох, муора аттыгар олорбоппут, балыгы бары наар сиэбэттэр, ол иһин сылга иккитэ кууруһунан иһиллиэхтээх диибин. Хат буолаары сылдьар, оҕо күүтэр, төрөөбүт дьахталлар үүтү кытта оҕолоругар дьуот бэрсээри хайаан да иһиэхтээхтэр. Оҕо саҥата хойутуура дьуот тиийбэтиттэн буолар диэн чинчийиилэр бааллар. Дьуот мэйии сайдарыгар улахан оруоллаах.
Онтон атын битэмииннэри, микро, макро элеменнэри быраас аныахтаах. Быраас сүбэтэ суох иһэрдиэхпитин сөп битэмииннэрбит – Д битэмиин уонна дьуот.
Олох балык сиэбэт оҕолорго омега-3, балык сыатын иһэрдиэххэ сөп. Ол битэмииммит муора аттыгар сытар регионнарга оҥоһуллубут буолуохтаах. Арассыыйаҕа ол Мурманскай, тас дойдулартан Норвегия уонна Финляндия. Балыгы тутан ылан баран собуокка илдьии бириэмэтэ кылгас буолуохтаах. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ балык сиир наһаа үчүгэй.
Балык сыата оҕоҕо туохха нааданый? Оҕо өйдөөн хаалара, информацияны өйдүүрэ, төбөтүгэр илдьэ сылдьара, толкуйдуура, анаалыстаан өйдүүрэ, тулуурдаах буолара барыта омега-3 истэххэ тупсар.
Сетевой маркетиҥҥа сороҕор наһаа сыыһа реклама барар дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, оҕоҕо анамматах, састааба ситэри биллибэт бородууксуйалар тарҕанан эрэллэр. Инниктэртэн атыылаһан иһэрдэр буоллаххытына, хаҕыгар барыта сурулла сылдьыахтаах, төһө уонна туох баара, сууккаҕа ирдэнэр нуорманы тэҥнээн көрүөхтээхпит. Уопсайынан, битэмииннэринэн, БАД-тарынан бырааһы кытта сүбэлэспэккэ үлүһүйэр сыыһа. Рекламаларын, үлэлиир ньымаларын көрдөхпүнэ, дьон сыанабылыгар наһаа элбэх болҕомто ууруллар. “Биһиэхэ көмөлөстө”, “кимиэхэ эрэ көмөлөспүт үһү” диэнинэн сирдэтинэн оҕоҕо БАД, битэмиин атыылаһар сыыһа диэн санаабын аһаҕастык этэбин. Бырааһы кытта сүбэлэһэн эрэ баран битэмиин иһэрдиҥ.
ОҔО КҮННЭЭҔИ АҺЫЛЫГА ХАЙДАХ БУОЛУОХТААҔЫЙ
- Саамай табыгастаах рацион педиатрия өттүнэн хайдах буолуохтааҕын кэпсиим. Сарсыардааҥҥы аһылыкка талбытынан: сымыыт, хааһы, бурдук ас, бутерброд баар буолуон сөп, 1-2 ыстакаан ууну аһыы олорон иһиэхтээх.
Манна бэлиэтээн эттэххэ, оҕо тураат да аччык искэ ууну иһиэхтээх диэн быраабыла суох, кинилэр көннөрү сууккаҕа нуорматынан 1,5-2 л ыраас ууну иһиэхтээхтэр.
Үгүс оҕо сарсыарда аһыырын сөбүлээбэт, аккаастаналлар – бу туспа кыһалҕа. Уһуйаан оҕото дьиэтиттэн аһаабакка тахсан, тэрилтэтигэр тиийэн аһыыра сөп. Оттон оскуола оҕото хайаан да сарсыарда аһаан барыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа тиийэн эбиэттиэхтэригэр диэри элбэх бириэмэ барар.
Эбиэккэ миин, иккис бүлүүдэ, минньигэс утах буолуон сөп.
Күнүскү аһылык (полдник) бурдук ас буолбакка, фрукта буолара ордук. Холобур, банаан уонна иэдьэгэй, дьаабылыка уонна йогурт.
Аныгы киһи киэһэ хойут дьиэтигэр кэлэр, ыга аһаан баран утуйан хааларбыт сыыһа. Манныкка ноорбут гормона, инсулин бөҕөтө үөскээн, организм киэһэ аайы элбэҕи аһыырга үөрэнэн хаалар. Онтон сылтаан сыа үөскүүр, үөс элбиир. Ол иһин оҕолорбут эмиэ уойуохтарын сөп.
Оҕо киэһээҥҥи аһылыгын порцията 1-2 ытыс саҕа буолуохтаах, эбии порция бэриллибэт. Наһаа аччыктыыр, аһыан баҕарар, холодильникка тиэстэр буоллаҕына, үрүҥ ас (ряженка, кефир, йогурт) биэриэххэ сөп – 1 ыстакаан. Тута сылдьан бэчиэнньэни, минньигэһи сиир оҕо аппетита ыһыллар, аһылык саҕана аһаабат.
- Эттэн аккаастанар оҕо анемиялаах буолар дииллэр. Эт, балык сиэбэт оҕону хайдах аһатабыт?
- Ханнык эрэ саастарыгар тиийэн оҕолор эти, балыгы сиэбэт буолан хаалаллар. Педиатр быһыытынан көрдөхпүнэ, бу кэмҥэ оҕолор железодефицит стадиятыгар сылдьаллар уонна кыра степеннээх анемиялаах буолуохтарын сөп. Оннук оҕолору син биир аһата сатыыбыт, сиэбэт, ол иһин биэрбэппит диэн буолуо суохтаах. Эти арастаан кэтилиэттээн, тушенкалаан, иһигэр эриллибит эттээх аһылыктары, кууруссаны, балыгы араастаан астаан биэрэ сатыыбыт.
Эттэн, балыктан аккаастанар оҕобутун анаалыска илдьиэхтээхпит. Хаан уопсай анаалыһын уонна ферритины туттарабыт. Железодефицитнай анемия баар дуу, суох дуу диэни билиэхтээхпит.
Маны тэҥэ фрукта, оҕуруот аһын олох сиэбэт оҕолору В12 битэмиини (цианокобаламин) диэни туттарыҥ диибин.
ОБУРГУ ОҔО ДОРУОБУЙАТА
- Манна туохха болҕомто ууруохтаахпытый? Ханнык анаалыстары туттарабыт?
- Улаатан эрэр оҕолорго генетика улахан оруоллаах. Хас сааһыгар бу оҕо уларыйан киирэн барара генетикаттан эмиэ тутулуктаах. Ол эрэн аныгы оҕолор сайдыылара түргэтээтэ. Кыргыттар даҕаны, уолаттар даҕаны сүрдээх улахан уҥуохтаналлар. Кыргыттар сайдыылара 10-11 саастан саҕаламмыт буолуон сөп (ыйдааҕылара кэлэр).
Улаатан эрэр оҕо сүрэҕэ кинини кытта тэҥҥэ улаатар. Сороҕор оҕо сыл иһигэр эмискэ уонча см уһаан хаалбыт буоллаҕына, сүрэҕэ ону эккирэтиһэн сатаан улааппатах буолуон сөп, оччоҕо аритмиялар үөскүүллэр. Ол иһин обургу оҕо сылга биирдэ, физкультураҕа көҥүл ыларыгар, ЭКГ ааһыахтаах. Ол ЭКГ-та суох спортивнай күрэхтэһиилэр, секциялар, идэтийбит спорка барыы туһунан толкуйдуо да суохтаахпыт.
Уолаттар уонна кыргыттар улаатар бэлиэлэригэр (вторичные половые признаки) төрөппүттэр болҕомтолорун уура сылдьыахтаахтар. Уолаттары кытта аҕалара, кыргыттары кытта ийэлэрэ кэпсэтиэхтээхтэр. Туох уларыйыылар буолуохтаахтарын эдэттэн кэпсиибит, холобур, эбии баттах үүнэрин, о.д.а.
Обургу оҕо хайдах сайдара биһиги инникибитин быһаарар. Оҕо төрүүр-ууһуур кыаҕын харыстыахтаахпыт.
Белок тиийбэт буоллаҕына наһаа хачаайы, эбэтэр, төттөрүтүн, аһара уойар обургу оҕо наһаа элбээтэ. Ол иһин барыларын железодефицитнай уонна В12 анемияҕа бэрэбиэркэлэтиэххэ наада. Ону тэҥэ харахтарын офтальмологка сылга биирдэ көрдөрөбүт. ЭКГ ааһыах тустаахтар. Д битэмиин таһымын көрүөххэ наада – бу саастарыгар биологическай ороскуота наһаа үрдүүр. Щитовиднай быччархай гормоннарын ТТГ, Т3, Т4 туттарыахха наада дии саныыбын. Уопсай белок, хаан уонна иик уопсай анаалыһын туттарабыт. Ис уорганнар, бүөр УЗИ-тын икки сылга биирдэ оҥоһуллуохтаах.
- Аһара уойан хаалар, эбэтэр уҥуохтарынан улааппат кып-кыра оҕолор баар буолаллар. Бу доруобуйаларыгар туох эрэ кэһиллии баарыттан дуо? Ханнык барыыска барыахтаахтарый?
- Оҕоҕутун туораттан көрөр курдук, обьективнайдык анаалыстаан көрө сатааҥ диэм этэ. Холобур, быйыл хас см улаатта, билигин хас киилэлээҕий уонна уҥуоҕа хаһый? Оҕо сыл аайы 4 см уһуохтаах.
Уһук Илин регионугар оҕолор аһара уойууларынан биһиги бастакы миэстэҕэ сылдьабыт, “крайняя степень ожирения” диэн диагнозпыт наһаа элбэх.
Кыыс оҕо уойбут буоллаҕына половой сайдыыта эрдэлиир, 9-10 саастарыгар ыйдааҕылара кэлэр. Уолаттарга, төттөрүтүн, бытаарар, тоҕо диэтэххэ сыа дьахтар половой гормонугар майгынныыр эттиктэри таһаарар. Оттон оҕо эт-хаан өттүнэн манныкка бэлэмэ суох буолуон, инникитин бу гормон ыһыллыыта төрүүр-ууһуур кыаҕыгар дьайыан сөп.
Сылга 4 см уһаабат, физкультураҕа икки сыл субуруччу саамай бүтэһик турар, кылааһынньыктара бары ситэн уһаан хаалбыт буоллахтарына, төрөппүттэрэ киһи сиэринэн уҥуохтаахтар, оттон оҕолоро кып-кыра буоллаҕына, оҕо уһуура бытаардаҕына бастаан утаа педиатрга көрдөрүөхтээхпит. Бу оҕо эндокринологка барыахтаах дуу, урологка барыахтаах дуу – барытын кини быһаарар.
ПРИВИВКАТТАН АККААСТАНЫЫ СОДУЛЛААХ БУОЛУОН СӨП
- Бу туһунан туох санаалааххын? Кэлин оннук төрөппүттэр элбээбит курдуктар...
- Быһыылартан аккаастаныы чахчы баар. Ким да кими да күһэйбэт. Төрөппүт толкуйданарыгар, кэпсэтэригэр, өйдөтүү үлэтэ барарыгар бириэмэ бэриллиэхтээх. Куттанар, тугу эрэ сыыһа өйдүүр буоллахтарына ыйытыыларыгар хоруйдуохтаахпыт.
Саҥа төрөөбүт оҕолорго билигин БЦЖ-М диэн сэллик утары быһыы туруораллар. Биһиги куораппытыгар бу ыарыынан ыалдьыы көрдөрүүтэ наһаа үрдүк. Сыстыганнаах сэлликтээх эрээри, эрэсиими кэһэр дьон бааллар. Ол иһин саҥа төрөөбүт оҕолор эбэһээт БЦЖ-М прививкатын ылыахтаахтар, 5-6 саастарыгар иккистээн туруоруллар. Онтон аккаастаныа суохтаахтар. Саамай биһиги оҕолорбутугар куталлаах, таһырдьа таҕыстылар да, оптуобуска айаннаатылар да, сыстыан сөптөөх ыарыыттан харысхаллаах буолуохтаахтар дии саныыбын.
Олоххо араас буолар. Стоматологка, маникюрга, педикюрга сылдьыахпыт, косметология өҥөлөрүнэн туһаныахпыт. Онуоха гепатит В прививкалаах буолуохтаахпыт. Саҥа төрөөбүт оҕоҕо туруоруллар, биир сааһыгар диэри хаста да ревакцинацияны хайаан да ааһыахтаах.
Вакцина национальнай халандаарыгар киирбит быһыылары ыларбыт таһынан, Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар эбии пневмококковай инфекцияттан прививка туруоруллар.
Быһыыны туруортарыы боппуруоһугар хас биирдии төрөппүт биир тылы булар педиатрдаах буолуон, оҕо доруобуйатын туһугар биир сүбэнэн үлэлиэхтэрин баҕарабын.