15.10.2026 | 08:00 | Просмотров: 98

Павел Харитонов-Ойуку 85 сааһын туолла

Норуодунай суруйааччы Павел Харитонов-Ойуку 85 сааһын туолла. Кини төһө да сааһырдар, билигин да суруйар, айар дьарыгыттан тэйбэккэ үлэлии-хамсыы олорор, былаана элбэх.
Павел Харитонов-Ойуку 85 сааһын туолла
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ Литература түмэлэ
Бөлөххө киир

Павел Николаевич Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕыттан төрүттээх. Оскуола кэнниттэн Намнааҕы педучилище художественнай салаатын, СГУ историко-филологическай факультетын бүтэрбитэ. Покровскай 1 №-дээх оскуолатыгар черчение уонна уруһуй, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Бу оскуола Покровскайга Өлүөнэ өрүһү көрөн турар, эмиэ манна чугас Серго Орджоникидзе олорбут дьиэтэ түмэл буолбута. РК КПСС анааһынынан Павел Николаевич бу түмэлгэ научнай үлэһитинэн көһөр. Салгыы манна үлэлээн “Нуучча дьаамсыктарын олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын, историяларын түмэлин” тэрийэр, Г.В. Ксенофонтов аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэли төрүттүүр.

Бастакы хоһоонноро “Знамя Советов” улуустааҕы хаһыакка тахсыбыттара. Маҥнайгы «Хаар кыыс» поэтическай хомуурунньуга 1980 сыллаахха бэчээттэммитэ. Үгүс айымньылара ырыа буолан көппүттэрэ. 2001 сыллаахха “Норуот таптыыр ырыата” номинацияҕа "Эйэ-дьол ырыата" айымньытынан Бэрэсидьиэн гранын ылан турар. Ону тэҥэ “Уһуктуу” либретто, “Хаҥалас Боотур” олоҥхо сценарийын ааптарынан биллэр.

«Трактовая дорога» 4 кинигэнэн тахсыбыт романнаах. Кириитикэ, ыстатыйа, уус-уран мэтириэт, рецензия жанрдарыгар суруйар. Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ, историческай наука доктора Е.Е. Алексеев, бастакы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев тустарынан, о.д.а. кинигэлэрдээх.

СССР култууратын туйгуна, Арассыыйа литературнай бириэмийэтин лауреата, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, В.М. Шукшин бириэмийэтин лауреата, СӨ Баһылыгын бириэмийэтин, М.Ф. Габышев аатынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр түмэл дьыалатын сайыннарыы иһин” бириэмийэ хаһаайына. 

Бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, 15:00 чаастан, Саха тыйаатырыгар П.Н. Харитонов-Ойуку 85 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх чиэстээһин буолар. Бука барыгытын ыҥырабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп