21.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 154

Сулустар сүбэлииллэр

Алтынньы 21 күнүнээҕи сахалыы гороскоп.
Сулустар сүбэлииллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хой.

Санаа атастаһарга уонна саҥа санаалары буларга табыгастаах күн. Ол эрээри инники былааннаргын атын дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээмэ.

Оҕус.

Харчыгын уонна харчы киллэриниэххэ сөптөөх этиилэри болҕомтолоохтук бэрэбиэркэлээ. Чугас дьоҥҥун кытта мөккүһүмэ.

Игирэлэр.

Өр кэмҥэ санаа баттыга оҥостубут кыһалҕаларгыттан кыратык тэйэ түһэн, бу күнү дьиэ-кэргэҥҥин кытта атаара сатаа.

Араак.

Ханнык эрэ быһыы-майгы тус эйиэхэ сыһыаннааҕын дуу, сыһыана суоҕун дуу быһаарынар уонна ааспыты- буолбуту ырытар кэм.

Хахай.

Атын дьон эппит тылларын чугастык ылыныма, уоскуйарга дьулус. Дьиэҕин- уоккун хомуй. Харчыны иэстээбэтиҥ ордук.

Кыыс Куо.

Бүөмнээн, чуумпура түһэн сынньана сатаа. Кинигэтэ аах. Улахан атыыттан- тутууттан туттун.

Ыйааһын.

Доруобуйаҕар, чуолаан хааныҥ баттааһыныгар болҕой. Ситэ толкуйдамматах көҕүлээһиҥҥэ сэрэхтээхтик сыһыаннас.

Ооҕуй.

Иэстэргин төлөө, мунньуллубуту бэрэбиэркэлээ, киэһэ уоскутар муусуканы иһит, салгыҥҥа тахсан, хаама түс.

Охчут.

Биэрбит тылгыттан уонна истибит сурахтаргыттан сэрэхтээх буол — албыҥҥа үктэтиэххэ эбэтэр таах халтайга, буолбакка эрэҥкэдийиэххэ сөптөөх күн.

Чубуку.

Быһаарыылары ылынарга тиэтэйимэ. Тулуурдаах буол, ымпыгар- чымпыгар диэри былааннаан эрэ баран, ылсарыҥ ордук.

Күрүлгэн.

Саҥа билсиһии баар буолсу. Дьону кытта алтыһарга аһаҕас- сайаҕас буол. Иирсээҥҥэ, мөккүөргэ кыттыма.

Балыктар.

Бүгүҥҥү киэһэни чугас дьоҥҥун кытта атаар. Эрдэ сытан, сынньан. Доруобуйа чааһа этэҥҥэ.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.