13.04.2026 | 15:00 | Просмотров: 137

Ойуурдары буомбалаан умуруоруохтара

Арассыыйаҕа ойуур баһаарын умуруорарга анаан бороһуоктаах буомбалары оҥорбуттар, ону дроннарынан түһэрэр былааннаахтар.
Ойуурдары буомбалаан умуруоруохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу туһунан «Авиалесоохрана» федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин салайааччыта Алексей Панов иһитиннэрдэ. Кини хас да уопут ыытыллыбытын, ол гынан баран көдьүүһэ намыһах да буоллар, салгыы толкуйдар салҕанан баралларын эттэ. Кыһалҕата диэн, билигин онуоха сөптөөх дроннар суохтар.

Ону тэҥэ Ойуур харыстабылын сулууспата «Лесохранитель» видеокамера систиэмэтигэр холбоммут дроннары туһанан буруону автоматическайдык быһаарыыны олоххо киллэрэр былааннаах. Нейроннай ситим көмөтүнэн бу систиэмэ баһаар тахсыытын эрдэттэн быһаарар уонна кинилэри умуруорарга сирдээҕи биригээдэлэри түргэнник ыытар кыаҕы биэрэр. Панов ТАСС-ка интервьютугар быһаарбытынан, дроннары камералар хаппат сирдэригэр туттуохтара.

Хаартыска: Саха сиринээҕи баһаары кытта охсуһар сулууспа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.