03.06.2026 | 10:25 | Просмотров: 108

Ойуунускай уулуссатыгар суол кэрчигэ сабылынна

Оптуобустар быстах кэмҥэ бигэргэммит схеманан сылдьыахтара.
Ойуунускай уулуссатыгар суол кэрчигэ сабылынна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата
Бөлөххө киир

Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 3 күнүттэн Ойуунускай уулуссатын 6/1 №-дээх дьиэтиттэн Октябрьскай уулуссаны кытта быһа охсуһууга диэри суол кэрчигэ айан сырыытыгар сабыллар.

Бэс ыйын 24 күнүгэр диэри бу учаастакка канализация турбаларын, ууну аһарар турбаны уонна гаас ситимин футлярын (хаххатын) ууруохтара. Ити үлэ барыта хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн ыытыллар.

Суоппардар айаннарын эрдэттэн былаанныылларыгар көрдөһөллөр.

Оптуобустар быстах кэмҥэ бигэргэммит схеманан сылдьыахтара, ону мантан аллара көрүҥ:  

 

1 / 7

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.