07.10.2026 | 20:00 | Просмотров: 83

Отчут уол кэпсээниттэн

Абааһы, сибиэн туһунан санаабычча...
Отчут уол кэпсээниттэн
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Биир сайын кыра өтөх сирдэрбитин оттоон баран дьэ улахан сирбитигэр, киэҥ нэлэмэн сыһыыбытыгар, киирбиппит. Улуустан Соппуруон диэн ааттаах, сыл аайы тахсан эккэ-үүккэ диэн оттоһор киһи баара. Майгытынан бардам соҕус да буоллар, үлэҕэ баҕас бэрт бүгүрү киһи этэ. Олорон турбакка сүүсчэ бугулу бугуллуу охсон кэбиһэрэ. Биһиги, оҕолор, сахсаҕар бугулларбытын хос туруоран, мөҕөрө-этэрэ. Арай биир сарсыарда ардаабытын туһанан, Соппуруон эһэбин кытта ыһык ыла диэн дэриэбинэлээн хааллылар.

Мин сотрутааҕыта аҕай ыаллыы дэриэбинэттэн киирбит убайбыныын туос иллэҥ дьон мэниктии хааллыбыт. Көҥүл көччүйэр үчүгэйэ бөҕө. Бириэмэ биллибэккэ элэстэнэр. Арай киэһэлик уолум: “Ким эрэ иһэр”, – диэн хаһыытаата. Кырдьык, биһигиттэн үс сүүсчэкэ миэтэрэлээх сиргэ ким эрэ хааман иһэр эбит. Хаамарыттан-сиимэриттэн сылыктаатахха, Соппуруоҥҥа дылы. “Эһэбит бөһүөлэккэ хаалбыт буоллаҕа дуу”, – диэн мунчаара турдахпытына, киһибит хааман-сиимэн чугаһыы оҕуста. Көрбүппүт, чахчы, Соппуруон эбит. Ол эрээри киһибит биһиги диэки көрбөт даҕаны, оттоох күрүө диэки салайан, олох да ойуурга киирэн хаалла. Биһиги ханна бардаҕай диэн, кэтэһэ түһэн баран, сырсан тиийбиппит – ким да суох.

Олус муодарҕаатыбыт да, салгыы оонньуубутугар аралдьыйан ити түбэлтэни умнан кэбистибит. Киэһэ ойуур саҕатыгар матасыыкыл тыаһа иһилиннэ. Соһуйуохпут иһин, Соппуруон эһэбин мэҥэстэн, өссө кэлээскэтигэр эдьиийбин олордон тиийэн кэллилэр. Биһиги Соппуруону көрбүппүтүн, кэлэ сылдьан баран таарыйбакка ойуурга киирэн хаалбытын омуннура-омуннура кэпсээтибит. Дьоммут буойан тохтотуохтарыгар диэри “кырдьык, Соппуруону көрбүппүт” диэн итэҕэтээри кэлиилии кэппиппит. Соппуруон тиһэҕэр улаханнык кыыһыран ордоотообутугар эрэ ылы-чып барбыппыт. Ити итинэн хаалбыта.

Ол күһүн, күөл мууһа саҥардыы туран эрдэҕинэ, Соппуруон эрэйдээх дойдутугар куобахха хааман баран, быһа күөлүнэн туораары ууга былдьанаахтаабыт этэ. Онон ол биһиги көрбүт "Соппуруоммут" куһаҕаны түүйэн биллэн ааспыт быһыылаах. Ону сэрэйэн кыыһыраахтаатаҕа.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.