19.10.2026 | 14:00 | Просмотров: 78

Оскуола төрөппүтү кытта бииргэ

21-c №-дээх оскуолаҕа аһаҕас аан күнэ буолан ааста.
Оскуола төрөппүтү кытта бииргэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: 21 №-дээх оскуола
Бөлөххө киир

Сыл аайы ыытыллар сэргэх тэрээһиҥҥэ быйыл, быраабы араҥаччылыыр, сокуону кэһиини сэрэтэр ый чэрчитинэн,  төрөппүттэргэ станцияларын оонньууну тэрийдилэр. Оонньуулары барытын оскуола актива толкуйдаан ыытта - оҕолор баһаатайдар оруолларын дьоһуннук толордулар.

Маннык көрсүһүү түмүгэр хайаан да санааны атастаһыы, аһаҕас микрофон үлэлиир. Оскуола салалтата төрөппүттэр санааларын истэр, этиилэрин ыланар, сыллааҕы үлэтин былааныгар ону хайаан да учуоттуур.

Оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин төрөппүтү кытта ыкса ситимнээхтик ыытар буоллаҕына, бастатан туран, оҕолорго үүнэр-сайдар сөптөөх эйгэ тэриллэр.  Быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Аҕа күнүн уонна Саха сиригэр олохтоммута ырааппыт Ийэ күнүн киин куорат 21-c №-дээх оскуолатын төрөппүттэрэ умнуллубаттык бэлиэтээтилэр.

1 / 5

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.