06.10.2026 | 11:35 | Просмотров: 126

Организм үлэлиир эрэсиимэ киһи киэниттэн атын буолуон сөп

Киһи – тыыннаах харамай, кини хас биирдии уоргана ордук таһаарыылаахтык үлэлиир чопчу кэмнээх, халбаҥнаабат графиктаах эбит. Ол биһиги күннээҕи эрэсииммитигэр сөп түбэспэт да буолуон сөп. Дьэ, ол хайдах эбитий?
Организм үлэлиир эрэсиимэ киһи киэниттэн атын буолуон сөп
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир
  • Сарсыарда 3 чаастан 5 чааска диэри тыҥа үлэтэ күүһүрэр. Онтон 5 чаастан 7 чааска диэри суон оһоҕос уһуктар. Бу кэмҥэ турар буоллаххытына, күҥҥүтүн биир ыстакаан сылаас ууттан саҕалааҥ, ону тэҥэ кыратык сухофрукта сиэххэ сөп. Хара сарсыардаттан организмы сыалаах-арыылаах, үрдүк калорийдаах аһынан соһутуллубат.
  • 7 чаастан 9 чааска диэри куртах үлэтэ саҕаланар. Чинчийээччилэр этэллэринэн, бу кэм сарсыардааҥҥы аһылыкка ордук барсар. Онтон 9 чаастан 11 чааска диэри куртах сынньалаҥ биллэрэр, ол оннугар ноор тигинэччи үлэлээбитинэн барар. Бу кэмҥэ куртаҕы ноҕуруускалыыр табыллыбат, арай фруктанан эбэтэр сыата суох йогуртунан үссэнэ түһүөххэ сөп дииллэр.
  • 11 чаастан 13 чааска диэри сүрэх барахсан күүскэ үлэлиир. Бу кэмҥэ сиэри таһынан симинэр табыллыбат – биир сүрүн бүлүүдэнэн муҥурданар ордук, холобур, миин эбэтэр салаат.
  • 13 чаастан 15 чааска диэри – суон оһоҕос “симиэнэтэ”.
  • Күнүс 15 чаастан киэһэ 19 чааска диэри бүөр уонна хабах ордук көхтөөхтөр. Бу кэмҥэ элбэх ууну иһиллиэхтээх. Киэһээҥҥи аска чэпчэки белок барсар: куурусса, балык, онно буспут оҕуруот аһыттан гарнир эбиэххэ сөп.
  • Киэһэ 19 чаастан 21 чааска диэри бүөр сынньанар, онон ууну аҕыйатар уонна аһыыртан туттунар ордук. Оттон хаан эргиирэ бу кэмҥэ күүһүрэр. Утуйуох иннинэ салгын сииргэ саамай тоҕоостоох кэм.
  • 21 чаастан 23 чааска диэри организм сынньалаҥҥа бэлэмнэнэр, күн устата мунньуллубут сылаатын аһардар аакка барар.
  • 23 чаастан түүн 1 чааска диэри – үөс “симиэнэтэ”. Бу кэмҥэ организм чөлүгэр түһүөхтээх.
  • Түүн 1 чаастан 3 чааска диэри быар үлэлиир – организм ыраастанар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.