Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга үбүлээһин кээмэйэ кыччаабыт
Норуот итэҕэллээхтэрэ чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы боппуруостарыгар — ол иһигэр «закупканы» тэрийии ньымаларыгар, үбүлээһин кээмэйигэр бэлиэ болҕомтону уурдулар. Үтүө сонунтан саҕалаатахха, бүддьүөт улахан дэписсииттээх ылыллар кэмэ диэтэххэ, чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыга көрүллэр үп кээмэйэ ааспыт сыллардааҕар улааппыт. Чэ, бэрт. «Закупка» механизма билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэрин, ол эрээри билигин да тупсаран биэрэр кыах баарын эттилэр. Ону таһынан «санитарнай авиация» ыстатыйатыгар үгүөрү үп тыырыллыбытын үтүө өртүнэн сыаналаатылар. Санатар буоллахха, 2025 сылга бүддьүөт дэписсиитэ улахан этэ, иннинээҕи кирэдьиит иэһэ эмиэ «ыйана сылдьарын» истэбит.
Арай долгутара диэн — үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга үбүлээһин кээмэйэ кыччаабыт.
Дьокутааттар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн чопчу ханнык көмө көрүҥнэригэр кыччатары былаанныылларын уонна төһө суума үбүлэнэрин, ону тэҥэ кыччааһын төрүөтүн ыйыталаһар буоллулар. Эбии үбүлээһин наадатыгар тохтоотулар.
Дьүүллэһии түмүгүнэн этиллибити учуоттаан туран, 2027 с. олохтоох бүддьүөт барылын бастакы ааҕыыга ылынарга быһаардылар.