09.02.2026 | 10:31 | Просмотров: 53

Оптуобустан сибэкки атыыласпат буоллубут

Быйылгыттан Аан дойду дьахталларын күнүгэр оптуобустар сибэккинэн эргинэллэрэ бобулунна. Ол эрээри стационарнай эбийиэктэргэ, холобур, сылаас тохтобулларга, быстах кэмҥэ үлэлиир атыы туочукаларын тэрийэр боппуруос көрүллэр.
Оптуобустан сибэкки атыыласпат буоллубут
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Санатан эттэххэ, бу иннинэ нэһилиэнньэ Дьахтар күнүн көрсө оптуобустар сибэккинэн эргинэ бараллар, уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта мөлтүүр диэн үгүстүк үҥсэн, ити дьаһал ылыллыбыта.

Онон, сааскы бырааһынньык күннэригэр көҥүлэ суох эргиэни хонтуруоллуур анал бөлөхтөр тэриллиэхтэрэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Анна Ефимова: “Уолаттар долгуйаллар, харахтара ууланар”
Сонуннар | 02.03.2026 | 14:06
Анна Ефимова: “Уолаттар долгуйаллар, харахтара ууланар”
Саха сириттэн волонтер кыргыттар бу күннэргэ Украинаттан кэллилэр. Хайдах, туох сылдьыбыттарын, уолаттар санааларын-оноолорун туһунан “Якутия с тобой” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Анна Николаевна Ефимова кэпсээнин истиэҕиҥ.
Эрэллээх хампаанньаҕа түбэһии – дьиэ акылаатын тэҥэ
Сонуннар | 04.03.2026 | 10:52
Эрэллээх хампаанньаҕа түбэһии – дьиэ акылаатын тэҥэ
Халлаан сылыйан, күн уһаан, тутуу кэмэ саҕаланара бу кэллэ. «Киин куорат» ааҕааччыларын ыйытыыларыгар бу нэдиэлэҕэ Дьиэ кэргэн уонна Уһук Илин ипотекаларынан 2020 сылтан үлэлиир «Сэргэ» тутуу хампаанньата хоруйдуур.
Баай Оруоһун хоппото
Сонуннар | 03.03.2026 | 13:50
Баай Оруоһун хоппото
Култуура сылыгар бу чахчыларга тохтоон ааһар оруннаах. Ол курдук, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо аан бастаан 1895 с. К.Г. Оросин суруйуутунан Э.К. Пекарскай көмөтүнэн сурукка киирбитэ,
Эл Иэнэ:  «Өссө ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрэ. Саха сирэ онно бэлэмэ суох...»
Сынньалаңңа | 04.03.2026 | 17:00
Эл Иэнэ: «Өссө ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрэ. Саха сирэ онно бэлэмэ суох...»
Алена Дьяконова кэрэ айылҕалаах Нам Түбэтиттэн төрүттээх. Төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтигэр да, пааспарыгар да аата ё буукубата суох суруллубут. Онон чараас эйгэҕэ киирэригэр атын ааты ылына сатаабатаҕа, Эл Иэнэ диэн бэйэтэ тахсан кэлбитэ.