Оптуобуска баттаххына баһыыба...
«Киин куорат» хаһыат уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин туһунан ыйытык ыытта, ааҕааччылар санааларын уонна этиилэрин түмтэ. Куорат араас муннугар олорор дьону кытыннардыбыт.
1. Куорат хайа оройуонугар олороҕун, ханнык оптуобустарынан сылдьаҕын?
2. Туох кыһалҕалары көрсөҕүн?
3. Уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ тупсарыгар туох этиилээххин?
Марианна Бурцева, блогер:
– Мин Пригороднайга олоробун. Биһиэхэ анаммыт 108-с №-дээх оптуобус баар үһү эрэ диэн истэбин. Онтубут аҕыйах рейси оҥорор буолан, түбэһэн олорсо иликпин. Куруук Хатас 103-с №-дээх оптуобуһунан сылдьабын. Дьиэм ыраах буолан, бириэмэбин ааҕан-суоттанан таҕыстахпына эрэ сатанар. Хойутаатым да, чаас курдук кэтэһиэхпин наада, сылаас тохтобулбут суох.
Биһиги эҥээр өссө биир маршрут сылдьара буоллар диэн олохтоохтор ааттарыттан баҕа санаабытын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин.
Алена Васильева, Нам трагын олохтооҕо:
– 104, 109 №-дээх оптуобустарынан сылдьабын. Оптуобустар чаастатык сылдьыбаттар, ыксаабыт киһи санаата да куоракка барбат. Бириэмэтин "Умный транспорт" көрөн таҕыстаххына, өр турбаккын. Улахан оптуобустар эрээри, мэлдьи ыы-быччары толору буолаллар.
Өрөбүллэргэ ахсааннара аҕыйыыр.
Куоракка оптуобус сылдьар хайысхалара дэлби уларыйан, буккуллуу-тэккиллии, өр да өр айаннаан тиийэҕин, “пробка” бөҕө.
Любовь Александровна, Покровскай тракт, 7 км олохтооҕо:
– 18 №-дээх оптуобуһунан сылдьабыт. 40-ча мүнүүтэ күүтэбит. Олох аҕыйах оптуобус сылдьар, арыттара уһуна бэрт. Манна олорорбут тухары ыарахаттары көрсөбүт. Куорат маршрута эбии сылдьыбата куһаҕан. Оттон 103-с оптуобуска час пик кэмигэр киһи баппат үлүгэрэ. Аны туран, куорат киинигэр үлэлиир буолан, Автовокзалтан атын оптуобуска олорсуохпун наада. Сороҕор онно эмиэ баппаккын.
Афанасий Солдатов, ааҕааччы:
– Куорат олохтоохторо эрэйи көрдүбүт. Бырайыас сыанатын үрдэтэн да, үлэлэрэ тупсубата. 33 солкуобайы төлүөхтээхпин уонна тобус-толору оптуобуска эт курдук “эриллиэхтээхпин”. Суоппардарга эгэ эрэ быһыылаах.
Саҥа оптуобустар кэлбиттэр диэбиттэрэ. Чааһынайдар үлэлиэхтэрин баҕарбат буоллахтарына, “ЯПАК” оптуобустара таҕыстыннар.
Кристина, Птицефабрика олохтооҕо:
– Дьиэбит таһыгар 2-с №-дээх оптуобус тохтуур. Сарсыарда уонна киэһэ тобус-толору айанныыбыт. Линияҕа олус аҕыйах оптуобус тахсар, техосмотр ааспатахтар дииллэр. Эрдэ тугу саныы сылдьыбыттара буолла? Олох өйдөммөт. Массыыната суох дьон хайыахпытый, тулуйарбытыгар тиийэбит. Тохтобултан чугас олоробут, онон бириэмэтин көрөн тахсабыт. Ааспыкка оҕом куорат кииниттэн кэлэригэр оптуобуска баппатах этэ. Иккис сменаҕа үөрэнэр буолан, киэһэ хойут баҕайы кэлбитэ. Иэдээн буолбатах дуо? Коронавируспут кэлин умнулунна быһыылаах. Дьиҥэр, ыарыы саамай сыстар, тарҕанар сирэ – оптуобус. Маннык анньыһыыга вирус “үөрэр” ини. Онон уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын куорат салалтата тупсарарыгар уонна хонтуруоллууругар көрдөһөбүт.
Олег Андреевич, биэнсийэлээх:
– Үлэҕэ, үөрэххэ кэлэр-барар кэмҥэ элбэх оптуобус сылдьыахтаах, онтон атын бириэмэҕэ аҕыйах да буолуон сөп дии саныыбын. Сотору бадараан, чалбах тахсыаҕа. Куорат суоллара сатыы киһиэхэ сөбө суохтар, тротуар ахсааннаах. Массыыналар баскыттан атаххар диэри бадараанынан ыһыахтара эбэтэр үрдүгүнэн барыахтара. Билигин эбиитин халтараан. Онон сэрэнэн сылдьыҥ!
Татьяна Васильева, элбэх оҕолоох ийэ, Сайсары олохтооҕо:
–15 уонна 25 №-дээх оптуобустарынан кэлэбит-барабыт. 10-15 мүнүүтэ буола-буола сылдьаллар диэн даҕаны, мэлдьи толорулар. Киэһэ өттүгэр 20-25 мүн. кэтэһэҕин. Ол иһин кыыспын кытта оскуолаттан дьиэбитигэр сатыы сылдьар буоллубут. Аны туран, 15-с маршрут суоппардара куруубай баҕайылар.
Массыыналаах дьоҥҥо суол өрөмүөнүн үлэтэ ордук мэһэйдиирэ буолуо, массыына элбээн, хаайтарыы бөҕөтө. Сатыы киһи син үөрэнэр эбит. Дьиҥэр, проспект устун хаамар, күүлэйдиир, спордунан дьарыктанар киһи элбээбит диэн бэлиэтии көрдүм.
Саргылана Данилова, устудьуон:
– 30-с кыбаарталга олоробун, «Авиагруппа» тохтобултан кэлэбин. 19,1,6 оптуобустарынан сылдьабын. Сарсыарда, киэһэ куруук киһи тобус-толору буолар, ол иһин аныгыскы оптуобуһу 10 мүн. курдук күүтэбин. Кэлин чугас эҥээр куруук сатыы сылдьар буоллум. Оптуобустар наһаа кирдээхтэр, тиһэх тохтобултан арыгы сыттаах, кирдээх таҥастаах дьон айаннаан кэлэллэр.