29.10.2026 | 12:00 | Просмотров: 113

Оонньообута оҕус буолбут

Ол эбэтэр, Дьокуускай куорат олохтооҕо эрэстэрээҥҥэ бомба баарын туһунан туос сымыйаны иһитиннэрбитин иһин 3 сыл холуонньаҕа утаарылынна.
Оонньообута оҕус буолбут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сааһыттан көрдөххө, син өйүн-төйүн олохтоохтук туппут буолуон сөп этэ. Арыгы баҕайы тугу гыннарбатаҕа баарай! Ол эбэтэр, бу орто дойдуга олоҕун орто омурҕанын туолбут киһи. Кини былырыын ахсынньы ыйга куорат биир эрэстэрээнигэр сылдьан, манна буомба баар диэн администраторга эппит. Оччолоох иһитиннэрии кэнниттэн эрэстэрээҥҥэ быраабы араҥаччылааччылар ойутан кэлэн, буомба көрдөөн, ону-маны барытын хаспыттар. Туох да буомбаҕа дьүөрэлиир көстүбэтэх.
Дьэ, бу билиҥҥи курдук сэрэх, куттал улааппыт кэмигэр бу оонньооһуна киниэхэ өтөрүнэн умнуллубат буолар чинчилээх. Бу иннинэ сууттана сылдьыбыттаах, онто сабылла илик буолан, кинини үс сыл кытаанах эрэсиимнээх көннөрүнэр холуонньаҕа сытыарар туһунан уураах тахсыбыт. Билиҥҥитэ бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

           

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп