27.01.2026 | 12:32 | Просмотров: 145

Онкологияҕа бэрэбиэркэни ааһыы судургутуйуо: Госдуумаҕа этии киллэрдилэр

Дьокутаат Владислав Даванков диспансеризация бырагырааматыгар искэн, сүрэх уонна да атын ыарахан ыарыыларга генетическэй өттүнэн дьүөрэлэһиигэ анаалыстары ыларга этии киллэрдэ.
Онкологияҕа бэрэбиэркэни ааһыы судургутуйуо: Госдуумаҕа этии киллэрдилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Холобур, онкология ыарыытыгар саамай тарҕаммыт мутациялары быһаарарга комплекснай панельнай чинчийии олоххо киириэн сөп”, — диэн ТАСС суруйар.

Дьокутаат этэринэн, медицинскэй көрүүлэргэ онкологияҕа, сүрэх-тымыр патологияларыгар, аутоиммуннай уонна метаболическай кэһиллиилэргэ анаалыһы оҥоруу суоҕунан сибээстээн, маннык диагностар хойутаан быһаарыллаллар. Бу ыарыылары кэмигэр бэрэбиэркэлээһин өлүү ахсаанын аҕыйатыыга көмөлөһүөҕэ диэн Даванков эттэ.

ОМС нөҥүө балыыһаларга көрдөрөр сүрэх-тымыр ыарыылаах пациеннар медицинскэй көмөнү суһаллык ылыахтара диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Арассыыйа бырабыыталыстыбата бу быраабыланы ааспыт нэдиэлэҕэ бигэргэттэ.

Ол эрээри, быйыл Арассыыйаҕа медицинскэй өҥөнү түргэнник оҥорууга эрэ уларыйыы буолуо суоҕа. 2026 сылтан дойдубут олохтоохторо 20-тэн тахса ыарыыга босхо медицинскэй көмөнү ылар кыахтаныахтара.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.