13.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 92

«Омоон суоллар. Искупление» - “ТЭФИ-регион” кытта сылдьар

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа сахалыы сериалларын сулууспата уһулбут «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ XXV бүтүн россиятааҕы «ТЭФИ-Регион» телевизионнай куонкурус финалыгар таҕыста.
«Омоон суоллар. Искупление» - “ТЭФИ-регион” кытта сылдьар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: "Саха" НКИХ
Бөлөххө киир

Саха киинэтин кытта финалга «Игровой фильм/сериал» анал ааи иһин «Тюменское время» уһулбут «Вахта памяти» уонна Калугатааҕы «Ники ТВ» «Останься. Детство» хартыыналара киирдилэр.

Киинэ “Саха” НКИХ ханаалыгар көрөөччү биһирэбилин ылбыт «Омоон суоллар» сериал салгыыта буолар. Туруорааччы режиссер — Радомир Томскай, сценарий ааптара — Октябрина Шестакова.

Хартыына сүрүн дьоруойа — оперуполномоченнай Ньургун Васильев (Ньургун Черов). Тайҕаҕа тахсыбыт өлөрүү силиэстийэтэ дьоруойу ыарахан балаһыанньаҕа киллэрэр: сокуон кытаанах ирдэбилин тутуһар эбэтэр киһи сиэринэн аһыныгас буолар.

Куонкурус түмүгэ Ярославль куоракка сэтинньи 17–20 күннэригэр биллиэҕэ. Лауреаттарга скульптор Эрнст Неизвестнай боруонсаттан оҥорбут «Орфей» статуэткаларын туттарыахтара.

Оттон киинэ сэтинньи 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэниэҕэ.

***

Санатан эттэххэ, «Саха» НКИХ «ТЭФИ-Регион» күрэскэ иккитэ кыайан туран: 2024 сылга — «Харчы. Иэстэбил» («Возмездие») киинэ, оттон 2025 сылга  — «Уот Дьулустаан» сериал кыайыылааҕынан ааттаммыттара.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.