22.10.2026 | 17:02 | Просмотров: 119

Олорбуппут сыччах?! Эбэтэр хайдаҕын да иһин, барыта орун-оннугар түһүө?

АЛРОСА кэтээн көрөр Сэбиэтэ сарсын уларытыллыбыт дивидент бэлиитикэтин көрүөҕэ.
Олорбуппут сыччах?!  Эбэтэр хайдаҕын да иһин, барыта орун-оннугар түһүө?
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Бөлөххө киир

Алтынньы 23 күнүгэр алмаас хампаанньатын Кэтээн көрөр сүбэтэ дивидент бэлиитикэтин туһунан саҥа, уларыйбыт балаһыанньаны көрөн, бигэргэтиэхтээҕин туһунан Интефракс таһаарыы суруйар.

Соторутааҕыта аҕай Ил Түмэн дьокутааттарын мунньаҕар олохтоох бырабыыталыстыба, чопчута туһааннаах министиэристибэ, алмаас, көмүс хостооһунун көрдөрүүтүн чопчу сыыппараларын биэрбэтэҕиттэн, ама ити дааннай ДСП (для служебного пользования) буолбут дуо диэн, дьокутааттыын-норуотуун олоччу соһуйан, аппыт айахпыт барахсан сабыллыбакка тохтоон ылбыт түгэннээҕэ. Тоҕо чопчу сыыппара, кээмэй ыйыллыбатаҕа бу Интерфакс суруйуутун кэнниттэн өйдөнөр курдук. Тыын суолталаах хампаанньаттан кэлэр дивидент үбэ хааһынаҕа киирбэт түгэнигэр төһө -хачча хостоммутун билэн да диэн, диэххэ айылаах.

Күн бүгүнүгэр диэри туттуллан кэлбит дивидент бэлиитикэтин балаһыанньата 2021 сыл кулун тутар ыйыгар ылыллан турар. Онно олоҕуран, дивидени ааҕан таһаарыы тирэҕэ хампаанньаҕа баар көҥүл харчы киириитэ (FCF) буолар. Хампаанньаҕа “ыраас иэс” (EBITDA) суох түгэнигэр АЛРОСА FCF 100 бырыһыанын дивидент быһыытынан төлүүр. Оттон “ыраас иэс” кээписийиэнэ 1,0х – түгэнигэр ити көрдөрүү  70% -тан 100% FCF буолар. Оттон “ыраас иэс” кээписийиэнэ 1,5х буолар түгэнигэр хампаанньа дивидент муҥутуур кыра кээмэйин – сыллааҕы МСФО ыраас барыһыттан 50 бырыһыанын – төлүүр эбит. Ити этиллэр бэлиэ суолталаах кээписийиэн, 2026 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи туругунан, 3,2x тэҥ эбит. Сыл анараа өттүгэр – 1,2x.
 

 

“АЛРОСА” хампаанньа Саха сиригэр тыын суолталааҕын, эдэрдиин-эмэнниин син удумаҕалатабыт. Ол курдук олохтоох хааһынабыт үбүн  60-ча % дохуота бу сыллар тухары алмаас хостооһунуттан киирэн, саха тэҥэ суох сананан кэллибит. Оттон билиҥҥи балаһыанньаҕа, 2027-2029 сылларга дивиденэ суох хаалар туруктаахпыт этиллэр. Ити этиллэр кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ олохтоох бүддьүөтүн алмаас хампаанньатыттан дивидент кэлбэтин оросчуоттаан, былаанныыр үһү.

Салгыы Интерфакс суруйар: “АЛРОСА” алмаас салаатыгар бэлиэтэммит уһун кэмнээх кириисис охсуутун түмүгэр, көҥүл үп сүүрүгэ (свободный денежный поток) суоҕун быһыытынан, 2024 сыллааҕы түмүк дивидени, ону таһынан 2025 сыллааҕы быыһык (промежуточнай) уонна түмүк дивидени хампаанньа төлөспөтөҕө.  2024 сыл бүтүүтэ хампаанньа персоналга ыытар ночоотун 10 бырыһыанын сарбыйбыта, 2025 сылга рентабельнайа суох актыыптарыгар алмаас хостооһунун тохтоппута. Оттон быйыл үлэ төлөбүрүн пуондатын  (ФОТ) оптимизациялыырын иһитиннэрбитэ”.

 Интерфакс салгыы Саха сирэ хампаанньа аахсыйатын 25 бырыһыанын бас билэрин, ону таһынан 8 муниципальнай улуус 8 бырыһыан аахсыйалааҕын бэлиэтээбиттэр. Оттон судаарыстыбаҕа (Росимущество нөҥүө) хампаанньа 33,02 бырыһыан аахсыйата тиксэрин, көҥүл эргииргэ сылдьар аахсыйата (Free-float), кэнники чахчынан, уопсай аахсыйа 34 бырыһыаныгар тэҥнэспитин ыйар.  Free-float диэн – көҥүл эргииргэ сылдьар аахсыйа өлүүскэтэ ааттанар. Бу өлүүскэ ити аахсыйалары таһаарар эмитены кытта сыһыана суох, тэрилтэни хонтуруоллуурга кыттыбат чааһынай инвестордарга, хайа эрэ чааһа тэрилтэ үлэһиттэригэр баар буолар.

Тэрилтэ дивидент бэлиитикэтигэр  тугу чопчу уларытара ыйыллыбатах. Баҕар, дивидент, кыра да буоллар, бэриллэр буоларын курдук гынаары гыналлара эбитэ дуу? Дьэ, туох диэн быһаараллар? Үтүө өттүгэр эрэмньи санаалаах күүтэр эрэ буоллахпыт.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.