09.11.2025 | 10:00 | Просмотров: 154

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырайыак

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырайыак
Ааптар: Ольга Яшина, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы
Бөлөххө киир

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн Дьокуускай куорат оҕолорун түмэр «Куорат эдэр олохтооҕо» хамсааһын уонна кинилэр доҕотторо кииннэрин сирин-уотун тупсарар бырайыагы көҕүлээбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.

Сергеляхскай уул., 10/2 баар Оҕо хамсааһынын киинин сирэ-уота билиҥҥитэ аныгы ирдэбиллэргэ хоруйдуур туруга суох. Бу тэрилтэ 20 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччини, ол иһигэр 300-тэн элбэх инбэлиит оҕону хабар. Кинилэр харгыһа суох сылдьалларыгар сөптөөх усулуобуйа уонна сайыннарар эйгэ олус наада. Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругун оҕолорун хамсааһынын киинигэр аныгы ирдэбилгэ хоруйдуур, айымньылаах үөрэҕи ыытар эйгэ тэриллиэҕэ. Онно 4500 оҕо, ол иһигэр чугастыы олорор оҕолор, үөрэххэ сыһыаннаах араас тэрээһиннэргэ кыттыахтара. Онон, бу этии Октябрьскай уокурук тас көстүүтүн эрэ буолбакка, ис кыаҕын уларытар улахан күүстээх. Бырайыагы өйөөһүн Дьокуускай куорат инфраструктуратын тупсарыыга уонна олохтоохторго табыгастаах эйгэни тэрийиигэ саҥа аартыктары арыйар. Бырайыак ситиһиилээх буоллаҕына, суоллар аспаалланыахтара, тротуар тэлгэниэҕэ, сырдатыы туруоруллуоҕа. Ону таһынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах патриотическай истиэндэлээх сынньанар сир тэриллиэҕэ. Бу кэлэр көлүөнэбитигэр улахан өйөбүл!

Сахалыы толкуйдуур, айар-сайдар эйгэни тэрийиигэ хас биирдии хардыыбыт суолталаах. Оҕо сайдыытыгар туһалаах бырайыак болҕомтоҕо ылыллан, ситиһиилэниэн баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Сонуннар | 04.06.2026 | 17:46
Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Анна Флегонтова тохсунньу 11 күнүттэн күн аайы хааман, 23 киилэни бырахпыт.
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
Сонуннар | 03.06.2026 | 11:00
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
"Киин куорат" таһаарыы "Түмэл киэн туттар экспоната" бырайыагар Ленскэй улууһун Чамча нэһилиэгэр баар түмэлэ кыттар.
Эмтээх оту хомуйар кэми мүччү тутумаҥ
Тускар туһан | 06.06.2026 | 10:11
Эмтээх оту хомуйар кэми мүччү тутумаҥ
Бэс ыйа – самаан сайын салаллар, от-мас ситэр-силигилиир кэмэ. Эмтээх оту хомуйарга саамай табыгастаах кэм.
Саахымат хонуутугар...
Сонуннар | 08.06.2026 | 08:00
Саахымат хонуутугар...
Галина Трушкова-Калисфена – СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Саахыматы мунньарын ааһан, бу дьарыгы олоҕун аргыһа оҥостубут, хоһоон хонуутугар хотуулаахтык хардыылыыр.