14.10.2026 | 16:00 | Просмотров: 65

«Олоххун уларыт!»

Сарсын киин куоракка СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин уонна СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайа көҕүлээһиннэринэн “Олоххун уларыт!” аахсыйа ыытыллыаҕа.
«Олоххун уларыт!»
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: "Киин куорат" архыыбыттан
Бөлөххө киир

Тэрээһин олорор дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьар дьону көнө суолга сирдиир аналлаах (урукку аата “Дьиэҕэ төннөр суол” диэн этэ).

Бу да сырыыга үгэс быһыытынан Федор Попов уулуссатыгар турар «Хоттей» атыы-эргиэн киинин таһыгар сарсыарда 10 чаастан күнүс 15 чааска диэри буолуоҕа.

Кэлбит дьон быраастарга көрдөрүөхтэрэ (фтизиатр, терапевт, нарколог), хаан анаалыһын туттарыахтара, флюорографияны ааһыахтара уо.д.а. Психологтар сүбэ-ама биэриэхтэрэ, үлэҕэ киирэргэ, приюттарга олохтуурга үлэ ыытыллыаҕа, ону тэҥэ итии аһылыгы уонна ыраас таҥаһы түҥэтиэхтэрэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.