Олох тугу биэрэрин ылынар буоллахха...
«Арчы» духуобунас киинин улахан аанын кыракый оҕолор нэһиилэ аһан, бэрт дьоһуннук туттан, саалаҕа ааһаллар. Саҥа күнүнэн эҕэрдэлэһэр саҥаларыгар эр киһи бэрт сөҥ куолаһа хардарар. Бу оҕолор «Күн Өркөн» оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах эти-сиини сайыннарар, куту-сүрү бөҕөргөтөр эбии дьарыкка кэлэллэр эбит. Дьарыгы оҕолору кытта үлэҕэ номнуо уон сыл уопуттаах Алексей Тихонов-Күн Күүрэй ыытар эбит.

Бу эдэр киһи туспа, ураты суолун билсэргэ быһаарынан, Алексейдыын атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Эдэр киһи элбэх, дириҥ көрүүлээх, киэҥ далааһыннаах этиилэрин кулгаах-харах иччитэ буолан иһиттим.
– Алексей, дьарыккар оҕо аймах бириэмэтин тугунан тутаҕын? Ааптар буоларыҥ быһыытынан туох сыалы-соругу туруораҕын?
– Мин оҕо бэйэтин кыанар буолуохтаах уонна духуобунаһа сайдыахтаах диэн санаанан үлэлиибин. Духуобунаһа диэн тугуй диэтэххитинэ, ол аата ис болҕомтото дьиҥнээх олоххо баар буолан иһиэхтээх. Төһөнөн санааҕа, толкуйга буолбакка, бу түгэҥҥэ, буола турарга баар буоллаҕына, олоҕун суола барыта сааһыланан киирэн барар. Дьарык оҕо ис кыаҕын араас өттүнэн арыйар анал ааптарыскай ньыманан барар. Манна ураты сахалыы эйгэ тэриллэр эҥин диэн буолбатах. Бастатан оҕо билиҥҥи туругар ханнык тылынан саҥарарыттан кэпсэтии сиэрэ ыытыллар. Бастаан көрсүһүүгэ дорооболоһуу куустуһууттан саҕаланара бу эмиэ методикам биир хайысхата. Куустуһуу нөҥүө бэйэлэрин икки ардыларыгар үчүгэй сыһыан үөскүүр, ис сүрэхтэрин арыйар, аһаҕас, чугас буолаллар.
Эти-сиини чэбдигирдэр дьарыктар көхтөөх, тэтимнээх оонньуу быһыытынан ыытыллаллар.
Эрчимнээх үҥкүү киирэн биэриитэ эти-сиини сөпкө иһиллэнэргэ үөрэтэр. Айылҕаҕа похуоттар, сплавтар, велотурдар оҕо айылҕатын кытта ситимин, сатабылын сайыннараллар.
Иһийэн олоруу (медитация) оҕо бэйэтин ис кыаҕын билиниитин, болҕомтотун күүһүрдэллэр. Этэ-сиинэ сымныыр, ис туруга холкутуур, уоскуйар, чуумпурар.
Дьарыктыыр оҕолорбун кэтээн көрдөхпүнэ, бу хаачыстыбаларынан бэйэлэрин үөлээннээхтэриттэн уратылаахтар. Онон сөптөөх суолбун тутан иһэбин дии саныыбын.

– Киһи суола диэн тугуй?
– Киһи бу орто дойдуга айылҕаттан айыллан, таҥыллан, оҥоһуллан кэлэр. Ол иһин айылҕа анаабыт суолун киһи хайдах баарынан ылынан, бэйэтин – этин-сиинин, чугас дьонун, доҕотторун, тулалыыр эйгэтин, айылҕатын – барытын ылынан туран олордоҕуна, мин санаабар, сөптөөх суолун тутар дии саныыбын.
Сорох киһи бэйэтин, баҕар, төрөппүттэрин, дьиэтин-уотун сөбүлээмиэн, абааһы көрүөн сөп. Өскөтүн кини бу баарын ылыммат буоллаҕына, элбэх эрэйгэ, кыһалҕаҕа түбэһэр. Онон, олоҕу хайдах баарынан ылыныы – бу суолун тутуута диэхпитин сөп.

– Эн сайынын Саха сирин кэрэ айылҕатын дьоҥҥо көрдөрөр сплавтары тэрийэҕин, кыһынын бу оҕолору дьарыктыыгын уонна да атын дьарыгыҥ баһаамын билэбин. Балартан ханныгын ордороҕун?
– Киһиэхэ сөбүлүүр дьарык диэн, дьиҥинэн, суох. Олох тугу биэрэрин ылынан туран дьарыктаныы – ити сылдьар саамай күүстээх күүс. Холобур, киһи «баҕарбат үлэбэр үлэлиир буолан, сэниэм суох, олоҕум табыллыбат» дииригэр мин сөпсөспөппүн. Тоҕо диэтэххэ олох билэн турар – кимиэхэ туох үлэ, туох кыһалҕа наадатын. Барытын өйдөөн-төйдөөн, кэмигэр оҥоһулла турарын киһи бэйэтэ өйдөөн көрбөтүттэн сөбүлээбэт үлэтигэр үлэлиир курдук сананар. Оттон олох тугу биэрэрин ылынар буоллахха, барыта эйиэхэ эрэ анаан оҥоһулларын таба көрөҕүн.
2020 сылтан Сахайааналыын Амма, Сиинэ, Буотама үрэхтэринэн, Өлүөнэ сүнньүнэн сплав айаннары тэрийбиппит номнуо алта сыл буолла. Урукку өттүгэр хас нэдиэлэ аайы барарбыт, билигин айылҕабыт хайдах аныырынан, хас киһи кэлэринэн оҥоробут. Хайаан да маннык, бачча буолуохтаах диэн былаан суох.

– Дьол дии-дии көрдүүбүт аҕай. Эн санааҕар, дьол диэн тугуй?
– Киһи баҕа санаата, сыала-соруга наһаа күүстээх буоллаҕына, айылҕа тугу биэрэ сатыырын өйдөөн көрбөт. Тоҕо диэтэххэ хараҕа сабыылаах буолар. Оттон олох хас биирдии киһиэхэ анаан саамай сөптөөх үтүө өттүнэн барытын айа-тута, оҥоро турар. Киһиттэн арай саамай ирдэбилэ, хардата – махталлаах буолуу турукка сылдьара. Барытын тапталынан, махталынан, хайдах баарынан ылынар түгэнигэр эрэ сүрэҕэ арыллан, олоҕу сыаналыыра, эйэ-дэмнээхтик сылдьара, үтүөнү, кэрэни баҕарара өйдөөн киирэрэ күүһүрэн барар. Ити буолар дьол.
– Биисинэс киһитэ буоларыҥ быһыытынан, харчыга сыһыаны таарыйыах эрэ.
– Саамай чэпчэкиттэн чэпчэкигэ талаһар, онно эрэ дьүккүйэр, барыһыра эрэ сатыыр дьон баар буолаллар дии. Өссө онтуларын улахан кыайыы-хотуу курдук туттуу эмиэ көстөр. Оннук киһи бу олоххо харчыланан испэт. Оттон олох ирдэбилинэн эн туохха эмэ үөрэнэргэ, саҥаны баһылыырга бу табаары ыларгар, бэйэҥ сайдыыгар, туһанаргар төлөбүр өттүгэр дэлэй, чэпчэкитик ылынар буоллаххына, оннук харда кэлэ турар. Барыта табыллан, сатанан, үтүө түмүктээх буолар. Айылҕа сөптөөх харчытын киниэхэ биэрэ турар. Дьыалата-куолута, дьарыга табыллар. Харчыга сыһыан – бу айылҕа биэрэр эниэргийэтэ.

– Медитация диэн тугуй?
– Урут хомуһунан да, итэҕэлинэн да үлүһүйэр этим. Билигин оннук үлүһүйбэппин. Итэҕэлэ суох, туох да хомуһа суох киһи бу дойдуга олоруон сөп эбит диэн өйдөбүлгэ дириҥник киирэн иһэбин.
Медитация туһунан этэр буоллахха, бу нууччалыы эттэххэ, “естественное состояние”. Киһи болҕомтото сүүс бырыһыан эт-сиин тугу гына сылдьарыгар баар буоллаҕына, ол аата медитация дэнэр. Хайаан да чуумпуран олорор, сытар диэн буолбатах. Аһыы олорон, сууна, сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар кэмҥэ ис болҕомто сүүс бырыһыан бу буола турарга туһаайылыннаҕына, ити медитация диэн ааттанар. Билиҥҥи киһиэхэ баарга баар буолуу ыарахан. Тоҕо диэтэххэ биһиги күннээҕи олохпутугар тугу эрэ буолары толкуйдуурга, ааспыты саныырга, оҥорон көрүүгэ болҕомто уурарбыт үгүс. Өссө аһыы олорон төлөпүөн хаһарга, тэлэбиисэр көрөргө. Ол аата болҕомтобут атыҥҥа ананар – суохха. Ол иһин «Энергиябыт аҕыйах, сэниэбит суох, ыарыыбыт элбэх» диэччи киһи үксээтэ.
Дьарыктыыр оҕолорбун медитацияҕа кыра-кыралаан сыһыаран иһэбин. Баарга баар буолуу, бу буола турары өйдөөн көрүү диэн. Дьиҥнээх энергияҕа, дьиҥнээх олоххо баар буолуу диэн.
– Эдэр киһиттэн киһи хараҕын арыйар этиилэри истэн, чахчы да, уһуйааччы, бэйэтин суолун чиҥник туппут киһи диэн санааҕа кэлэҕин. Эйиэхэ суолуҥ аартыга өссө кэҥээтин, ситиһиилэр кэлэ турдуннар диэн баҕа санаабытын этэбит.
– Махтал!