20.10.2026 | 15:30 | Просмотров: 88

Олоҥхону толорор оҕолорго уонна ыччакка өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн күрэҕи биллэрдилэр

Саха сиригэр Култуура сылын чэрчитинэн, биллиилээх олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай – Бэдьээлэ төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах олоҥхону толорор оҕолорго уонна ыччакка I өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн ыытыллар күрэх саҕаланар.
Олоҥхону толорор оҕолорго уонна ыччакка өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн күрэҕи биллэрдилэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Тэрийээччилэр: СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна А.П. Решетникова аатынан Саха сирин норуоттарын муусукаларын уонна фольклордарын түмэлэ.

Куонкурус олоҥхо эпическэй нэһилиэстибэтин харыстыырга, киэҥник тарҕатарга, эдэр толорооччулары өйүүргэ уонна олоҥхоһут үгэстэрин, ол иһигэр Прокопий Ядрихинскай толоруу истиилин тутуһарга туһуланар.

Кыттааччылар түөрт бөлөххө арахсан күрэстэһиэхтэрэ: 3–6, 7–12, 13–17 саастаах оҕолор уонна 18–35 саастаах ыччат. Биирдиилээн эбэтэр кэлэктиибинэн кыттыахха сөп.

Күрэх кэтэхтэн ыытыллар: кыттааччылар MP4 эбэтэр MOV форматынан 10 мүнүүтэҕэ диэри (соҕотоҕун толорууга), 15 мүнүүтэҕэ диэри (кыра формаҕа) уонна 20 мүнүүтэҕэ диэри (кэлэктиипкэ) олоҥхоттон быһа тардыыны видеоҕа устан ыыталлар.

Сайаапкалары алтынньы 20 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Sakha_mfm@mail.ru  электроннай почтаҕа туталлар, «Конкурс олонхо» диэн бэлиэтиир булгуччулаах.

Куонкурус түмүгэ ахсынньы 10 күнүгэр тахсыаҕа. Кыайыылаахтарга – диплом, оттон кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук туттарыллыахтара.

Бастыҥ толоруулары тэрийээччилэр бэйэлэрин ситимнэригэр таһаарыахтара уонна Саха сиригэр Олоҥхо декадатын тэрээһиннэригэр көрдөрүөхтэрэ.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.